Салгыы
Чурапчыга “Сэттис халлаан” диэн саҥа эбийиэк баар буолла

Чурапчыга “Сэттис халлаан” диэн саҥа эбийиэк баар буолла

Ааптар:
03.10.2024, 09:30
https://t.me/sargydaevstepan
Бөлөххө киир:

Чурапчы нэһилиэгэр “Мурун Тыымпыйа” уонна “Спортивнай” түөлбэ олохтоохторо нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) ситиһиилээхтик кыттыыларын түмүгэр “Сэттис халлаан” диэн саҥа эбийиэк тутулунна. Бу туһунан улуус баһылыга Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.

— «Ырыа Тумустан” саҕалаан “Мурун муостатыгар” диэри дьоммут сылы эргиччи кыһалҕата, куттала суох сылдьалларыгар табыгастаах тротуарданнылар. Түөлбэ олохтоохторо мунньахтаан куоластаабыт этиилэрэ кыайан, СӨ Бырабыыталыстыбатыттан икки мөлүйүөн солк. өйөбүл көрүллүбүтэ. Онон Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата бэдэрээтчит, урбаанньыт Артем Кладкины кытта бииргэ үлэлээһинин үтүө түмүгэ — 120 миэтэрэлээх  тимир муоста-тротуар, ону кытта 80 миэтэрэ усталаах таас билииккэ тротуар тутулунна. Бу ситиһии — нэһилиэнньэ уонна былаас бииргэ үлэлээһинин биир үтүө холобурунан буолла.

Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан өрөспүүбүлүкэ үпкэ министиэристибэтигэр, Чурапчы нэһилиэгин салалтатыгар, баһылык Владимир Сивцевкэ, урбаанньыт Артем Кладкин биригээдэтигэр, олохтоохторго улахан махталбын тиэрдэбин! Инникитин даҕаны маннык бырагыраамаҕа бары биир санаанан ситиһиилээхтик кыттан, тапталлаах Чурапчыбыт тупса, киэркэйэ, сайда турарыгар кыттыһыаххыт диэн эрэнэбин!, — диэн баһылык телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: