Арассыыйаҕа суоппардар күннэрэ алтынньы бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Быйыл алтынньы 30 күнүгэр түбэһэр. Ол чэрчитинэн бүгүн Чурапчыга «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр массыынаны сөбүлээччилэри идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтилэр.
Салгыы улуус дьаһалтата наҕараадалары туттарда: III-с истиэпэннээх «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин» бочуоттаах бэлиэни «Дорожник» ХЭТ дириэктэрэ Гаврил Владимировка, урбаанньыт Василий Дьячковскайга, «Туйгун бэлиэ» СӨ тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ Евдокия Ноеваҕа, «Дорожник» ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы Спартак Пахомовка, Бочуотунай грамота «Дорожник» ХЭТ суоппардарыгар Петр Пинигиҥҥэ, Василий Дмитриевкэ, «Сахаспецтранс» ХЭТ суоппардарыгар Василий Константиновка, Нарыйаан Макаровка, Гаврил Софроновка уо.д.а.
Бэлиэ түгэнинэн «СӨ Бочуотунай тырааныспар үлэһитэ» норуот бэлиэтинэн Чурапчы нэһилиэгин урбаанньыта Алексей Макаров, «Саха АССР 100 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэнэн улуус суоппардарын түмсүүтүн салайааччыта Николай Пономарев наҕараадаланнылар.
«Дьон олоҕор-дьаһаҕар суолталаах араас табаардары, матырыйааллары, аһы-үөлү таһыыга суоппардар үлэлэрэ ураты суолталаах. Кинилэр дьаныардаахтык үлэлээн, кыһыннары-сайыннары, күн-дьыл күнүттэн тутуллубакка таһаҕастар туһааннаах миэстэлэригэр тиийэллэр. Ыарахан үлэлээх суоппардарга махтанабыт. Нэһилиэк сайдар буоллаҕына улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдар«, — диэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэлээтэ.Тимир көлөлөөхтөргө эҕэрдэ, махтал суруктары туттарда.
Унньуктаах уһун айаны тулуйан үлэлиир суоппардарга көнө суолу, сымнаҕас айаны!
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…