Чурапчыга туризм сайдыа дуо?

Share

Кэнники сылларга Арассыыйа куораттарыгар туризм хайысхата күүскэ сайдан иһэр буоллаҕына, Саха сирэ бу эйгэҕэ эмиэ хаалсыбат.

Ол курдук, Хаҥалас улууһугар сайыҥҥы кэмҥэ Лена очуостарыгар, Буотамаҕа сплавтар,  Булуус, Күрүлүүр хайысхатыгар туристическай маршруттар, кыһынын тымныы полюһугар – Өймөкөөн улууһугар экстремальнай  маршруттар, сааһын, күһүнүн Хаандыга хайаларыгар айаннар сайдан, элбэх киһи сэҥээрэр буолла. Саха дьоно эрэ буолбакка, атын куораттартан, дойдулартан туристар анаан-минээн көрө-истэ  кэлэллэр.

Аны туран, дойдубут кэрэ айылҕатын көрө эрэ диэн буолбакка, ону таһынан култуурунай-духуобунай  эйгэбитин, анал ытык сирдэри эмиэ билсэр хайысхалаах туризм тэҥҥэ сайдар. Ньурба улууһугар баар Сата хайатыгар элбэх киһи эмтэнэ, сүдү күүһүн кытта алтыһа сыл  ахсын кэлэллэр. Оттон биһиги Чурапчыбыт  буора, бадараана кэлбит ыалдьыттары соһутара  буолуо эрээри , ис-иһигэр киирдэххэ, олох атын хартыына арыллан  барар. Биһиги дойдубут үлэһит дьоннорунан аатырар. Кинилэр бииртэн-биир дьикти, дириҥ, чаҕылхай суолталаах дьылҕалаахтар. Улууска эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сиригэр, норуокка оҥорбут кылааттара үтүмэн . Кыһарҕаннаах олох очурдарыттан, ыарахаттарыттан  самныбакка, бэйэлэрин  күүстэригэр, дьулуурдарыгар тирэҕирэн, саргылаах сарсыҥҥыларын түстээбиттэрин, уйгулаах олохторун оҥостубуттарын,  таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыттарын үүнэр көлүөнэ күн бүгүн  киэн туттар, холобур оҥостор . Ол санаанан сиэттэрэн, Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ историяны билэ-көрө, үөрэтэ-сайда уонна ол билиилэрин хаҥата кэлиэхтэрин сөп.

Икки сыл устата Болтоҕо нэһилиэгэр, түмсүүбүт кыаҕынан , Кындал учаастагар сатыы хаамыы маршрутун толкуйдаан таһаарбыппыт.

Историяны хасыһан көрдөххө, Кындал сиригэр-уотугар Түөйэ тардыытынан номоххо киирбит Улуу Кудаҥса олохсуйан, ууһаан-тэнийэн ааспыта. Аны туран, Кындал сиригэр төрөөн-үөскээн ааспыт, Евгений Онегины саха тылыгар тылбаастаабыт буойун-поэт, суруйааччы Гаврил Иванович Макаров -Дьуон Дьаҥылы, “Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» айымнньы ааптара Василий Васильевич Яковлев ( кэлин бу айымньыга олоҕуран,  “Тойон кыыл” киинэ тахсыбыта),  Социалистическай үлэ Геройа –Василий Михайлович Кладкин дойдулара буолар.

Итини тэҥэ 2000 сылларга  олоҥхо дириҥ өйдөбүлүн, суолтатын тарҕатааччы, энтузиаст, худуоһунньук Ким Комфеевич Колесов бэйэтин күүһүнэн, анаан-минээн туристарга  оҥорон хаалларбыт “Олоҥхо дойдута” култуурунай-туристическай комплекс эмиэ Кындалга баар.

Бу Комплекс туһунан сырдатан кэпсээтэххэ, элбэх ыалдьыт хонон-өрөөн, кэрэхсээн сылдьыбыт сирэ буолар. Төһө даҕаны федеральнай трассаттан тэйиччи турдар, бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев, оччотооҕу култуура миниистирэ Андрей Саввич Борисов, Таатта аатырар олоҥхоһута Петр Егорович Решетников, тас дойдуттан дэлэгээссийэлэр, оскуола оҕолоро ырааҕы ыраах диэбэккэ, суолу айаны ыарырҕаппака, көрөн-махтайан барбыттара.

Ким Комфеевич улахан сыал-сорук туруорунан, норуоппут үгэһин – Олоҥхо тула оҥоһуллубут тутуулар, экспонаттар, уруһуйдар, хартыыналар, оҥоһуктар нөҥүө суолтатын ылынан, үөрэтэн, кэрэхсээн бардаҕына, духуобунай сайдыыга улахан төһүү буоларын билэн толкуйдаабыт буолуохтаах.

Аны туран Болтоҥоттон Кындалга диэри суола алдьанан, тиэхиньикэ сатаан тиийбэт түгэнигэр, сайын сатыы хаамарга туризм биир көрүҥэ – сатыы поход хайысхата олус бэркэ тахсан кэлэр. Аныгы дьон билигин хамсаммат буолла. Онуоха бу саамай табыгастаах көрүҥ буолан тахсар. Түгэнинэн туһанан, ыалдьыттарбытын көрсөн, хоннорон, кэпсэтэн-ипсэтэн ааһалларын иһин, Кындал олохтоохторугар – Варвара Николаевна Кривошапкинаҕа уонна Ким Комфеевич кэргэнигэр Александра Егоровнаҕа  махталбытын тиэрдэбит.

Ол курдук, хас биирдии сир дириҥ историялаах, ис хоһоонноох буолар. Төрөөн-үөскээн ааспыт дьоммут дойдуга, сиргэ-уокка  тыын, хамсааһын биэрэр  диэн – кырдьык. Кинилэр  идиэйэлэрэ, көрүүлэрэ, суолталара хас эмэ үйэни уҥуордаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэн сөп.

Ким Комфеевич Колесов курдук чурапчылар  үгүс талааннаах, ис сүрэхтэриттэн дойдуларын туһугар  үлэлээн-хамнаан ааспыт дьоммут олус элбэхтэр. Холобур, хас биирдии кэлбит ыалдьыттарбытын Чурапчы спортивнай салгынын билиһиннэрэ, аан дойдуга аатырар Дмитрий Петрович Коркин  мусуойугар хайаан да сырыттыннара сатыыбыт, ону таһынан бастакы лингвист-учуонай С.А.Новгородов төрөөбүт алааһыгар Чуораайыттаҕа баҕа санаа мэҥэ тааһыгар эмиэ биир туристар сылдьан ааһар сирдэрэ  буолуон сөп. Чурапчы орто оскуолатыгар үлэлээн-хамсаан ааспыт норуот суруйааччыта Василий Семенович Яковлев – Далан “Дьикти сааһа” бу сиргэ суруллубута. Ол айымньы  дьоруойа Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич Борисов бу улуустан кынат анньынан таҕыстаҕа.

Ити курдук, хас биирдии дьоммут оҥорон хаалларбыт үлэлэрин бэйэбит суолта уурдахпытына, киэҥ эйгэҕэ тарҕаттахпытына, баҕар, Чурапчыбыт сирэ-уота туристар сөбүлээн сылдьар биир ураты миэстэтинэн буолуон сөп. Ол хамсааһын тахсарыгар биһигиттэн, кэлэр кэнчээри ыччаттартан олус тутулуктаах.

Чурапчы нэһилиэгэр үлэлиир «Саха тускута» уопсастыбаннай түмсүү.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago