Чурапчыга уонна Муомаҕа саҥа балыыһа комплекстара үлэлээтилэр

Чурапчыга уонна Муомаҕа саҥа балыыһа комплекстара үлэлээтилэр

12.03.2024, 22:01
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Икки эбийиэктэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын чэрчитинэн бастакы звенолары модернизациялааһын бырагырааматынан тутулуннулар.

Чурапчыга саҥа балыыһа комплекса сменаҕа 100 киһини көрөр поликлиникалаах, 23 куойкалаах терапевтическай отделениелаах, дьахтар уонна оҕо консультациятын отделениелаах, 10 куойкалаах күнүскү стационардаах, стоматологическай уонна мэдииссиинэ реабилитациялааһынын отделениелардаах.

Хонуу сэлиэнньэтигэр үс мэндиэмэннээх балыыһа комплекса 4 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх. Улахан дьону уонна оҕолору көрөр поликлиникалаах, приемнай отделениелаах, диагностика уонна суһал көмө оҥорор отделениелардаах. Сүрүн блок иккис этээһигэр терапевтическай отделение баар. Үһүс этээскэ стерилизация отделение уонна клинико-диагностическай лаборатория бааллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: