Салгыы
Чурапчыга волонтердар быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Чурапчыга волонтердар быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Ааптар:
17.10.2022, 09:15
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 250 тахса  волонтёр быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр. Эмтэрин-томторун, аһы-үөлү аҕалаллар.

Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ  эрэгийиэннээҕи ыстаабы салайар Айыллаан Винокуров иһитиннэрэр. Ол курдук, Чурапчыга аграрнай-техническэй кэллиэскэ үөрэнэр устудьуоннар Одьулууҥҥа быстах байыаннай хомуурга барбыт аҕалаах ыалларга көмөлөһөн пилораматтан мас аҕалбыттар, хайыппыттар, саһааннаабыттар, кыһын иһэр муустарын бэлэмнээбиттэр, тиэргэн хаарын күрдьүбүттэр.

«Волонтердар уонна ким баҕалаах барыта көмөлөһөр. Судургута суох кэмҥэ чугас дьоннорун умнууга хаалларбакка, сүрэхтэрин баҕатынан көмөлөһөөччүлэр, тирэх буолааччылар убаастабылы ылаллар«, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн турар.

Айыллаан Винокуров волонтердаан көмөлөһүөн баҕалаахтар сайаапкаларын 122 нүөмэргэ (эбии «6», «1» кунуопкалар) эрийэн хаалларалларын санатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 апреля
  • -3°C
  • Ощущается: -10°Влажность: 46% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: