Чурапчыга «Ыал саргыта» бырайыак эдэр кэргэнниилэргэ туһаайыллар

Чурапчыга «Ыал саргыта» бырайыак эдэр кэргэнниилэргэ туһаайыллар

31.08.2024, 20:40
Хаартыска: Степан Саргыдаев телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһугар 2024-2026 сылларга «Ыал саргыта» диэн пилотнай бырайыак үлэлиир.

Тэрээһин алаһа дьиэни тэринэр эдэр ыаллары эҕэрдэлээһиҥҥэ, дьиэ кэргэн быһыытынан улахан олоххо арчылыыр алгыстаах сиэргэ-туомҥа ананар.

Бу хас биирдии киһи олоҕор суолталаах, сонун тэрээһиҥҥэ анал сиэр-туом кэннэ, ыал буолааччылар Маҕаайыттан Чурапчы киин болуоссатыгар диэри массыынанан кортежтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүбүт. Ыал буолар эдэркээн тапталлаахтарга анаммыт музыкальнай эҕэрдэ, пааралар бастакы дьоллоох үҥкүүлэрэ, ыраас таптал, ыраас ыра бэлиэтэ хаар маҥан саардары үрдүк мэҥэ халлааҥҥа көтүтүү, уруу торда, үйэлээх өйдөбүлгэ хаартыскаҕа түһүү — кинилэргэ барыта долгутуулаах уонна дьоллоох. Эдэр ыалларга үйэлээх нарын тапталы,  кытаанах доруобуйаны, элбэх оҕону, уһун  дьоллоох олоҕу, табыллыыны баҕарабын”, — диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: