Чурапчы улууһугар 2024-2026 сылларга «Ыал саргыта» диэн пилотнай бырайыак үлэлиир.
Тэрээһин алаһа дьиэни тэринэр эдэр ыаллары эҕэрдэлээһиҥҥэ, дьиэ кэргэн быһыытынан улахан олоххо арчылыыр алгыстаах сиэргэ-туомҥа ананар.
“Бу хас биирдии киһи олоҕор суолталаах, сонун тэрээһиҥҥэ анал сиэр-туом кэннэ, ыал буолааччылар Маҕаайыттан Чурапчы киин болуоссатыгар диэри массыынанан кортежтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүбүт. Ыал буолар эдэркээн тапталлаахтарга анаммыт музыкальнай эҕэрдэ, пааралар бастакы дьоллоох үҥкүүлэрэ, ыраас таптал, ыраас ыра бэлиэтэ хаар маҥан саардары үрдүк мэҥэ халлааҥҥа көтүтүү, уруу торда, үйэлээх өйдөбүлгэ хаартыскаҕа түһүү — кинилэргэ барыта долгутуулаах уонна дьоллоох. Эдэр ыалларга үйэлээх нарын тапталы, кытаанах доруобуйаны, элбэх оҕону, уһун дьоллоох олоҕу, табыллыыны баҕарабын”, — диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…