Хаартыска: СИА
Чурапчы оройуонугар Елисеевтар дьиэ кэргэттэрэ үс игирэ оҕолоннулар. Бу туһунан оройуон баһылыга Степан Саргыдаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл Саха сиригэр үсүһүн үс игирэ оҕо күн сирин көрдө.
«Арассыыйааҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар бу чахчы даҕаны үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук, Елисеевтар дьиэ кэргэттэригэр үс уол уонна кыыс оҕолоннулар. Ааттарын номнуо биэрдилэр. Бу барыбытыгар үөрүүлээх сонун. Түгэнинэн туһанан Туйаара Петровнаны уонна Реворий Михайловиһы ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибин. Оҕолор дьоллоох, доруобай буоллуннар! 90- с сылларга биһиги улууспутугар эмиэ маннык түбэлтэ биирдэ буолбутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу үөрүүлээх түгэн эмиэ хатыланна», — диэн Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр Дьокуускайга бастакы үс игирэ оҕо быйыл атырдьах ыйыгар Анастасия уонна Владислав Степанов дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ, ол кэннэ сэтинньи ый бүтүүтэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо эмиэ үс игирэ оҕону төрөөбүтэ.
Саха сирин олохтоохторо улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын, итиэннэ оройуон уонна нэһилиэк дьокутааттарын таллылар. "Улуус баһылыктарынан…
Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп. Российскай Федерация…
Биир дойдулаахпыт 17 саастаах Артур Портнягин НТВ ханаалыгар «Ты супер!» биэриигэ ыллаата. Дьүүллүүр сүбэ --…
Алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ алтынньы 27 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри буолуоҕа. "Сомоҕолоһуу күнүн иннинэ…
Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Дьокуускайга сарсыарда хойуу туман түһэн, көтүөхтээх рейстэр тардыллыбыттар. Пресс-сулууспа иһитиннэрэринэн, көтөр-түһэр…
Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уонна социальнай эбийиэктэргэ ититиини биэрии тиһэх түһүмэҕэр сылдьар. Бүгүн сарсыардааҥҥы туругунан…