Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарын баран көрүстүлэр, дьоннорун-сэргэлэрин кэһиилэрин тиэртилэр. Бу туһунан улуус баһылыга Степан Саргыдаев телеграмҥа ханаалыгар иһитиннэрдэ.
— Уолаттар көрсүһүүттэн, кэһииттэн астынан, үөрэн-көтөн, бар дьонноругар махталлара муҥура суох.
Кытаанах туруулаһыыга сылдьар хорсун, хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх. Буойуттар бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр. “Саллаат! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума!” — диэн алгыс тыллаах бар дьоммут илиилэрин сылааһын, сүрэхтэрин баҕатын иҥэрэн ыыппыт бу көмөлөрө кыайыыны чугаһаттын, дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар харысхал буолан, санааларын сааһылаан, куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буоллун! Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар биһиги — бары бииргэбит! Чурапчы күүһэ — түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ — кыайыыга!, — диэн Степан Саргыдаев суруйда.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…