Бүгүн Чурапчыга үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа успуорт саҥа комплекса үлэҕэ киирдэ. Түгэнинэн туһанан А.К.Софронов аатынан култуура-успуорт комплексын дириэктэрэ Михаил Михайлович Степанов санаатын маннык үллэһиннэ:
«Биһиги, чурапчылар, улуу дьоммутунан Д.П.Коркинынан, А.К.Софроновынан киэн туттабыт. Кинилэр биһиэхэ успуорт сайдыытыгар, тэнийэригэр сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Чурапчы дьоно-сэргэтэ успуордунан дьарыктанар, спорду сэҥээрэр. Ол да иһин өрөспүүбүлүкэҕэ “Чурапчы – успуорт туоната”, — диэн ааттыыллара мээнэҕэ буолбатах.
Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо бу саала тутулларын олус долгуйа уонна эрэнэ күүппүттэрэ.
Ким баҕарар успуордунан дьарыктанарыгар маннык успуорт уораҕайа тутулларын өйөөбүт өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Бырабыыталыстыбабыт салалтатыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Онон дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соругунан нэһилиэнньэ 70 % успордунан дьарыктаах буоларыгар кыах уонна усулуобуйа баар буолла диэн үөрэбит. Өссө төгүл Чурапчы үлэһит, успуорду сэҥээрэр дьонун-сэргэтин аатыттан махтанабыт.
Бу уораҕайбытыгар нэһилиэнньэ хото дьарыктаныаҕа. Холобур, киэһээ өттүгэр остуол тенниһинэн, волейболунан, баскетболунан мини-футболунан, хабылыгынан, хаамысканан, фитнес-аэробиканан дьарыктаныахтара. Нэһилиэнньэҕэ анаан эрчиллэр саала баар буолуоҕа, онно инструктор көрүөхпүт. Билигин бу тэрилтэбитин туспа муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтэ оҥороору гынабыт, ону дьокутааттарбыт өйөөбүттэрэ. Үлэһит штата эбии көрүллүөҕэ. Онон нэһилиэнньэ туох баар араҥатын хабан дьарыктыырга үчүгэй усулуобуйа тэриллиэҕэ. Быһата, нэһилиэнньэ бэйэтэ сүүрэн-көтөн, мээчиктээн, олус сэргэхсиийэҕэ диэн эрэнэбит. Бу аһыллыы сиэрин-туомун кэнниттэн ким тугунан дьарыктаныан баҕарарын туһунан сайаапка хомуйан, анал расписание олохтонуоҕа.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…