Чурапчылар оту, үүтү кыайа туталлар
Быйыл Чурапчы улууһугар 39890 туонна от оттоноро былааннанар.
Атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи туругунан 14727,7 т охсулунна, 10473,1 т кээһилиннэ (кэбистилэр) диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу ый 10 күнүттэн оттоммотох ходуһалары ким баҕалаах оттуурун көҥүллүүр туһунан улуус дьаһалтата быһаарыы ылынна. Онон күһүҥҥү кэми таба туһанан, ходуһалары хаалларбакка оттуурга турунуохтаахпыт диэн улуус салалтата этэр.
Оттон үүтү туттарыыга 7 ыйдааҕы былааннара – 2360 т . От ыйын 30 күнүнээҕи туругунан, үүтү 2697,76 т соҕотуопкалаан, былааны 114,28 % толорбуттар.
Улуус бары нэһилиэктэрэ былааннарын толорбуттарын ааһан, куоһардылар. Алаҕар нэһилиэгэ бэрт кыранан хаалла. Онон улууска үүт туттарыытыгар көрдөрүү үчүгэй, ылбыт тэтими ыһыктыбакка, хаалбыт сайыҥҥы күннэргэ үрүҥ илгэни үрүлүччү ыан иһэр сорук турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: