Чуукаар. Оскуола. Сайдыы

Share

Ньурбаҕа Чуукаар киинигэр, Кубалаахха, церковно-приходской оскуола арыллыбыта 110 сылынан А.Ф.Алексеев аатынан орто оскуолатын кэлэктиибэ өйдөбүнньүк бэлиэ туруорда.

Чуукаар баай историялаах, ытык-кэрэ сирдэрдээх, ураты айылҕалаах дойду. Манна биллэринэн 19 норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, дэгиттэр талааннааҕа, айылҕа маанылаабыт учууталлара, учуонайдара төрөөн-үөскээн ааспыттара, олороллор, үөскүүллэр. Бөдөҥсүтүү буола илигинэ Чуукаарга култуурнай, сырдатар үлэ Кубалаахтан саҕаламмыта. Кубалаах үөрэҕирии уонна култуура киинэ этэ. Манна Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ, балыыһа, маҕаһыын онтон да атын социальнай суолталаах тэрилтэлэр бааллара.
1914 сыллаахха Алексей Никифоров Иннокентьевскай таҥара дьиэтин ыстаарыстата 12 үөрэнээччилээх бэйэтин дьиэтигэр оскуола арыйар. Онтон меценат Алексей Давыдов оскуола тутуутун саҕалыыр. 1915 сылга туспа дьиэни (оскуоланы) үлэҕэ уопсастыбаннас көмөтүнэн олоххо киллэттэрэр. Дьэ, бу күнтэн ылата Чуукаарга үөрэх эйгэтэ сайдан барар.

110 сыл эттэххэ дөбөҥ. Бу сыллар усталаах-туораларын тухары оскуола учууталлара ис сүрэхтэриттэн кыһаллан туран, ыччаттары хайа да түгэҥҥэ сырдыкка-кэрэҕэ сирдииллэр. Чуукаарга үөрэҕирии эйгэтэ арыллыаҕыттан учуонайдар, бастыҥтан бастыҥ үлэһиттэр, бас-көс дьон үөскээбиттэр. Норуот тылыгар-өһүгэр, санаатыгар-оноотугар олоххо 3 идэ баар дииллэр, олортон биирдэстэрэ учуутал буолар.

Алтынньы 18 күнүгэр дириэктэр Июлия Илларионовна Федорова салайыытынан, бэтэрээн үлэһиттэри кытары 13 буолан оскуола 110 сылынан бүтүн кэлэктиип биир санаатынан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэни туруордубут. Бастаан утаа тоҥ сири хаһан туруоруох иннинэ, ытык сиртэн көрдөһүү туомун оҥордубут. Туому Андрей Сивцев – Сэргэн Лэкээрин толордо. Көҥүл ылбыт кэннэ ытык бэлиэ турар сирэ бэлэмнэниэр диэри нэһилиэкпит аҕа баһылыга, Чуукаар оскуолатын выпускнига Артур Юрьевич Федоров бэйэтин тылын-өһүн, махталын тириэртэ. Ытык учууталларбыт Аркадий Прокопьевич Николаев, Виктор Алексеевич Алексеев Кубалаах уонна оскуола тэриллиитин историятын кэпсээтилэр, бэйэлэрин санааларын эттилэр, саҥа көрүүлэрин тиэртилэр. Маны таһынан, өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбит, Чуукаар оскуолатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсибит, “100 сыл үөрэх сырдык аартыгынан. Алексей Федорович Алексеев аатынан Чуукаар орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата” кинигэ ааптара, хомуйан оҥорооччута Марина Филипповна Анисимова баҕа санаатын тириэртэ.

Мэҥэ бэлиэни туруоруу кэнниттэн “Кут Дабаан” духуобунас сайдарын туһугар үлэлиир инновационнай былаһааккабыт чэрчитинэн Кубалаахха баар баҕа санааны толорор ытык түбэҕэ ыалдьыттаатыбыт, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Чуукаарга үөрэхтээһин кэрдиис кэмнэрэ:
1914 — 1915 сс- церковно-приходской оскуола үлэтин саҕалыыр;
1915-1920 сс. – церковно-приходской оскуола туспа дьиэлэнэр-уоттанар;
1923-1950 сс. – начаалынай оскуола;
1950-1952 сс. – ситэтэ суох сэттэ кылаастаах оскуола;
1952-1961 сс. – сэттэ кылаастаах оскуола;
1953 сс. – Андайбыт уонна Чуукаар оскуолаларын холбоһуута;
1961-1965 сс. – аҕыс кылаастаах оскуола;
1965 с. – орто оскуола.
Билигин эргэ оскуолабыт сабыллыбытын да иһин, Е.М.Поликарпов аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинигэр көһөн тиийэн үлэлии сырлдьыбыппыт иһин, сайдыы суолуттан оҕолорбутун хаалларбакка, толору билиини биэрэрдии, толору дьолу утары уунан 40 үлэһит үлэлиир, олортор 20 учуутал.

Мария Андреева хаартыскаларга түһэриитэ

Оҕолорбут айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан араас спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, успуорт маастардара бааллар, араас эйгэҕэ үөрэнэр устудьуоннардаахпыт, үрдүк сололоох үлэһиттэр, учуонайдар күн бүгүҥҥэ диэри иитиллэн-уһаарыллан тахсаллар, бу барыта учуутал  үлэтэ! Махтал буоллун эһиэхэ, Чуукаар оскуолатын учууталларыгар, бары үлэһиттэригэр, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ! Эһиги дьоруойдуу быһыыгытыгар, үлэҕитигэр бэриниилээххититигэр. Ол түмүгэр бу ситиһилиннэ.
Оскуолабыт тутулуннаҕына, спортивнай саалабыт үлэлээтэҕинэ дохсуннук сайдыахпыт диэн эрэнэ күүтэбит. Маныаха улууспут баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев 2026 сылга оскуола үлэҕэ киириэ диэн эрэннэрбит эрэлэ биһиэхэ күн, ый курдук суолбутун сырдатар. Сахабыт сирин Бырабыыталыстыбата тыа сирин тэбэр сүрэҕэ — оскуола үлэҕэ киирэригэр быһаччы кыттыыны ылар диэн үөрэбит-көтөбүт, эрэлбит күүһүрэр!

Сэргэн Лэкээрин

Мария Андреева хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

11 часов ago