Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров («Сунтаар» позывнойдаах) бюһа 155 туспа Жуков аатынан гвардейскай уордьан Арассыыйа флотун Чуумпу акыйаан муоратааҕы пехотатын биригээдэтигэр туруоруллуоҕа.
Бу туһунан Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта көрсүһүүгэ Арассыыйа Краснознаменнай Чуумпу акыйаан флотун командующайа адмирал Виктор Лиина иһитиннэрдэ.
«Байыаннай иэһин толоруу кэмигэр Дмитрий Егоров эр санааланыы уонна хорсун быһыыланыы холобурун көрдөрбүтэ. Дмитрий Николаевич сырдык аатын үйэтитэргэ бары күүспүтүн уурабыт, киэҥ туттабыт. Бары мэлдьи кини хорсун быһыытын өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.
Көрсүһүүгэ Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев, Дмитрий Егоров бииргэ төрөөбүт быраата Алексей Егоров, Сунтаар баһылыга Эдуард Филиппов, Дьокуускай куорат координационнай киинин суһал ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Гавриил Птицын уонна Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын солбуйааччы Валерий Протопопов кытыннылар.
Тэрээһин кэмигэр адмирал Виктор Лииина С.М. Макаров аатынан Чуумпу акыйаан үрдүкү байыаннай училищетыгар Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга кыттыбыттарга үөрэххэ киирэргэ чэпчэтиилэр көрүллэллэрин бэлиэтээтэ. Адмирал Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыны ыытыыга, флотка көмөнү оҥорууга Саха сирин байыаннайдарын кылааттарын үрдүктүк сыаналаата. Саха сирин дэлэгээссийэтэ Арассыыйа Дьоруойа сулууспалаабыт 155-с туспа Жуков аатынан гвардейскай уордьанын РФ муоратааҕы пехота биригээдэтигэр, ону тэҥэ «Маршал Крылов» хараабылга уонна байыаннай полигоҥҥа сырытта.
Саха сириттэн байыаннай сулууспалаахтары уонна байыаннай инструктордары кытта көрсүһүү буолла. Рядовой Дмитрий Николаевич Егоров («Сунтаар» позывнойдаах) муора пехотатын туспа гвардейскай биригээдэтин подразделениетын састаабыгар саҥа Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун таһыгар өстөөҕү кытта сэриилэспитэ. Түмүгэр утарсааччылар кимэн киириилэрэ тохтотуллубута. Рядовой Егоров биир бастакынан үүс баһыйар ахсааннаах өстөөҕү кытта хорсуннук киирсибитэ. Бу сэриигэ Дмитрий Егоров улаханнык бааһыран охтубута. Российскай Федерация Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан былырыын алтынньы 9 күнүгэр рядовой Дмитрий Егоровка Арассыыйа Дьоруойа аатын иҥэрбитэ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…