Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгиттэн 10 км сиргэ Арҕаа Хаҥалас диэки бэҕэһээ сарсыарда ойуурга уот турбута биллибит.
Билигин манна Хаҥаластан “Авиалесоохранаттан” кэлэн үлэлии сылдьаллар. Мэҥэ Хаҥаластааҕы экологияны кэтээн көрүүгэ иниспиэксийэтиттэн 3 киһи тиийбит. “Якутлесресурс” ГАУ-тан 7 үлэһити тиэммит массыына, тыраахтар иһэллэр. Ол тыраахтар кэллэҕинэ Чыамайыкы нэһилиэгиттэн Михаил Федоров ДТ-75 тыраахтарынан эмиэ барыаҕа. Онон икки тыраахтар тиийиэхтээх. Чыамайыкыттан уонча киһи ойуур баһаарын умулларыыга барсыахтара. Бэҕэһээ хас да киһи айаннаабыт.
Биллэн турар, суол-иис куһаҕан. Ол да буоллар, онтон иҥнибэккэ, уоту уталыппакка умулларыыга туруналлар. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Александр Захаров иһитиннэрдэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…