Чыамайыкылар үбүлүөйдээх ыһыахха бэлэмнэнэллэр
06.06.2024, 16:00
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/06/chem3-1060x596.jpg)
Хаартыска: Е.Местникова
Бөлөххө киир:
Мэҥэ Хаҥалас улууһун кытыы сытар Чыамайыкы нэһилиэгэ үбүлүөйдээх ыһыаҕар бэлэмнэнэр. Ол курдук, бу ыһыах нэһилиэк төрүттэммитэ 115 сылыгар ананар.
— Ыһыахпытыгар “Чыамайыкылыы оһуохайдыахпыт. Бу биһиги бэйэбит урат оһуохайбыт буолар. Ону тэҥэ күүстээх, сымса дьоммут успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхтэрэ. Олохтоох собуоппутугар кыынньар кымыһы оҥоруохтара, — диэтэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Елена Местникова.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/06/chem1-e1717644981241.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/06/chem2.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/06/chem4.jpg)
Кинилэртэн тэйиччи Хаҥалас диэки турбут ойуур баһаарын умуорууга нэһилиэк сорох олохтоохторо барбыттара. Кинилэр бүгүн тыраахтарынан төннөллөрө күүтүллэр. Онон Чыамайыкыга сайыҥҥы түбүктэрэ үгүс.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: