Чыпчаххай: “Үүнээйигэ хаҕыс сыһыан баар”
Кэнники кэмҥэ Дьокуускай киин уулуссалара саҥардыллан, тупсан эрэллэрэ хараҕы үөрдэр. Ол эрээри уулуссаны оҥороору уонунан сылларга үүммүт мастары суох гыммыттара уонна саҥаттан кып-кыра талахтары, мастары олордуталаабыттара. Бу кыра мастар бастаан сыралаах көрүүнү-харайыыны эрэйэллэр.
Вандаллары ыстарааптаан иһиэххэ наада!
Кэнники кэмҥэ Дьокуускай дьаһалтата, куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев көҕөрдүүгэ болҕомто ууран, бырагыраама ылынан, анал үөрэхтээх исписэлиистэрдээх тэрилтэлэри (“Зеленый рай” экологическай хампаанньаны, ХИФУ Ботаническай саадын) наймылаһан, балаһыанньаны тупсарарга быһаарбыттара.
Ол курдук, «Зеленый рай» тэрилтэ «Азия оҕолоро» оонньууну көрсө Ильменскэй, Пирогов уулуссаларыгар яблоня, акация курдук сэдэх мастары уонна элбэх сыллаах сибэккилэри олордубута.
Бэс ыйын бүтүүтэ суолу оҥорор «Сахатрасстрой» тэрилтэ Ильменскэй уулуссаҕа быйыл саҥа олордуллубут, күн аайы уу кутуллар, бүөбэйдэнэр мастары, күөх газону тыраахтарынан үлтү тэбистэрбитэ.
«Зеленый рай» тэрилтэ исписэлиистэрэ сыралара, үлэлэрэ халтайга барарыттан, маннык сидьиҥ сыһыантан хомойуохтарын хомойоллор. Кинилэр анал питомниктаах буолан, бэйэлэрэ үүннэрбит мастарын олордоллор. Соҕурууттан аҕалыллыбыт мас биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар тыыннаах ордубат. Ол иһин Саха сиригэр үүннэрэн, көһөрөн аҕаларга буорун барытын уларытан, агрономия бары быраабылатын тутуһан олордоллор.
Төһөлөөх үп-харчы күдэҥҥэ көппүтэй?
Дьокуускайга күөх от-мас аҕыйаҕын бары да билэ-көрө сылдьабыт. Урукку сылларга мастары мээнэ олордон баран, кэлин кэрдэн кэбиһии түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтара. Холобур, Киров уулуссатын кэҥэтэргэ, Ленин проспегын саҥардарга 30-50 сыллаах мастары, баараҕадыйбыт хатыҥнары кэрдибиттэрин илэ харахпынан көрбүтүм. Проспекка аҕыйах улахан мас ордубутун да иһин, силистэрин таарыйаннар, хатан эрэллэрэ көстөр.
Үгүс мас уу кутуллубакка, хатан хаалара. Тоҕо диэтэр, түбэһиэх дьон субуотунньуктаан, олордон баран, умнан кэбиһэллэрэ. Төһөлөөх үп-харчы итинник күдэҥҥэ көппүтэ буолуой? Аны Дьокуускай кураанах буоругар мээнэ мас силигилээбэт ээ, үчүгэй буор, көрүү-истии наада. Балаһыанньаны анал үөрэхтээх исписэлиистэр эрэ көннөрөр кыахтаахтар.
Ил Дархан Айсен Николаев «О развитии г. Якутска – столицы РС(Я) на период до 2032 года» ыйааҕынан, куораты көҕөрдүү боппуруоһа инники күөҥҥэ тутуллубута. 2021 сыллаахха “Дьокуускай куораты көҕөрдүү кэнсиэпсийэтэ”, 3 сыллаах үлэ былаана ылыллыбыта.
Көҕөрдүү сүрүн кыһалҕатынан уулусса мастарын үүннэрэр аналлаах питомник уонна үүнэр буорун бэлэмниир полигон суоҕа буолар. Маны тэҥэ, дьон харыстабыллаахтык сыһыаннаспата, алдьатара эмиэ туспа кыһалҕа.
Анна Тихонова, “Зеленый рай” тэрилтэ дириэктэрэ:
– Биһиги куорат хаһаайыстыбатын хааччыйар сулууспаны (СЭГХ) кытта хантараактаһан, бэдэрээтчит быһыытынан үлэлиибит. Ол иһин, Ильменскэй уулуссаҕа тахсыбыт быһылаан туһунан кинилэргэ тута биллэрбиппит. Исписэлиистэр баран көрбүттэр, акт оҥорбуттар уонна чөлүгэр түһэрэргэ кэпсэппиттэр этэ. “Сахатрасстрой” тэрилтэ газону чөлүгэр түһэрэргэ үлэни ыыппыт этэ. Мин командировкаттан саҥа кэлэн, онно өссө тиийбэккэ сылдьабын.
Ильменскэй уулуссаҕа биир сүөһүлээх ыал баар. Бу ыал сүөһүлэрэ олордубут газоммутун үлтү тэпсэн, отун сиэн, мастарын алдьатан кэбиһэллэр. Уонтан тахса маһы алдьаппыттара. Хаһаайыттара наадыйбаттар. Куорат хаһаайыстыбатын хааччыйар сулууспаҕа биллэрбиппит эрээри, тоҕо эрэ сокуоҥҥа мораторий баар, онон ыстарааптыыр кыахтара суох үһү.
Дьиҥэ, элбэх сыллаах газону олордуу, аҥаардас буорун бэлэмнээһин олус сыралаах, үлэлээх. Бу Ильменскэй уулуссаҕа газоҥҥа күрүө суоҕа олус мэһэйдиир. Ыттар, массыыналар, ааһар дьон тэпсэллэр, алдьаталлар. Үлэбит халтайга ааһар курдук. Саҥа спорткомплекска барааччылар уонна “Ивушка” уһуйаан төрөппүттэрэ, кыратык эргийэ баралларын сүрэҕэлдьээн, газону ортотунан тэпсэн ааһаллар. Онон күрүө тутуллара – сытыы боппуруос буолла.
Уопсайынан, куорат олохтоохторугар күөх үүнээйигэ хаҕыс, мөлтөх сыһыан баар диэн көрөбүн. Айылҕаттан наар ылар эрэ санаа баар, чөлүгэр түһэрэргэ, харыстыырга наадыйбаттар. Күн бүгүн газону тэпсэн ааспыт эр киһини сэмэлээбиппэр, бэйэбэр хаһыытаата: “ханна баҕарарынан сылдьыахтаах” үһү. Эдэр ийэлэр искибиэрдэргэ сынньана олорон, оҕолоро сибэккини үргүүллэрин буойбаттар. Аны аҕам саастаах дьахталлар элбэх сыллаах сибэккилэрбитин түөрэн, үргээн илдьэ барбыт түбэлтэлэрэ баар. Бу уоруу буоларын өйдөөбөттөрө эбитэ дуу? Эдэрдэргэ туох холобуру көрдөрөллөрүй? Күһүнүн бэйдиэ сылдьар ыттар буулаан, тоҕо эрэ сибэккилэргэ сытан, үлтү тэпсэн кэбиспиттэрэ.
Камера суох, вандаллар ону туһаналлар. Дьиҥэ, ыстарааптаан иһэллэрэ буоллар, син туттунуох этилэр. Уопсай култуураны үрдэтиэххэ наада.
Биһиги быйыл ыам ыйыттан 900-чэкэ маһы (акацияны, яблоняны, сарбынньаҕы, долохонону, хаппырыаһы, сирени), элбэх сыллаах сибэккилэри (лилиялары, ландыштары, о.д.а.) олортубут. Дуогабар быһыытынан, 3 сыл устата көрөбүт-харайабыт.
Сиэмэттэн таһааран, 5-8 сыл устата бэйэбит бүөбэйдээн үүннэрбит мастарбыт буолан, оҕолорбут курдук саныыбыт. Тоһуппут, алдьаппыт буоллахтарына, дууһабыт ыалдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: