Сэтинньи саҥатыгар Чыычаахтары аһатар күн бэлиэтэнэр. Бу күн оскуолаларга, уһуйааннарга киэҥник бэлиэтэнэр буолан эрэр.
Сунтаар улууһун бэтэринээрийэҕэ управлениетыгар кыра кылаас оҕолоро чыычаахтары аһатар уйалары бэлэхтээтилэр. Ону таһырдьа ыйаатылар, подсолнух сиэмэтин уонна эбиэс бэчиэнньэтин уурбуттарыгар, тута татыйыктар кэлэн, аһаан бардылар. Бэтэринээр Наталья Иванова татыйык сиэмэни хахтаан баран, бэрт минньигэстик сиирин, үөрэн ыллыырын видеоҕа уһулла.
Татыйык — ырыаһыт чыычаах. Буортулаах үөннэри сиэн, туһаны аҕалар, кыһынын ыллаан үөрдэр. Татыйык кыһын аһы булара уустук. Ол иһин үөрдүһэн баран, ас көрдөөн көтөллөр, көһөллөр. Чыычаахтары аһатар сири биир бастакынан чуо булан, аһаабыта эрэ баар буолар. Кини подсолнух буспатах сиэмэлэрин, эбиэһи, тууһамматах сыаны сиирин ордук сөбүлүүр.
Чыычаахтарга арыыга ыһаарыламмыт, тууһаммыт астары, эриэхэлэри, сибиэһэй килиэби, пшено куруппаны биэрэр бобуллар.
Онон кыһыҥҥы тымныы күннэргэ чыычаахтары аһатыҥ, айылҕа оҕолоругар көмөлөһүҥ! Оҕолоргут, сиэннэргит чыычаахтары кэтээн көрөллөрө кинилэр сайдыыларыгар, амарах киһи буола улааталларыгар олус туһалаах.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…