Салгыы
«Чүүйэ» мобильнай биригээдэтэ өрүс арыытыттан өлгөм оту ыларга дьулуһар

«Чүүйэ» мобильнай биригээдэтэ өрүс арыытыттан өлгөм оту ыларга дьулуһар

04.08.2024, 12:33
Александр Тарасов хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от үгэнэ күүскэ бара турар. От үчүгэйдик үүммэтэх улуустара атын сиргэ  мобильнай биригээдэлэри тэринэн оттуу сылдьаллар.

Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, улуус  үрдүнэн  барыта 18 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлиэхтээҕиттэн 10-на хайыы-үйэ оттуу сылдьар. Ол курдук, «Чүүйэ» МУП  алта киһилээх мобильнай  биригээдэтэ Павловскай аннынан  Өлүөнэ арыытыгар киирэн оттообута быданнаабыт. Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын начаалынныьыга Иннокентий Семенов мобильнай биригээдэ хайдах-туох үлэлии сылдьарын тиийэн билистэ. Тимир көлөнөн Павловскай туһаайыытынан өрүс арыытыгар киирдибит. Уу лаппа түспүтэ биллэр, боротуохалары УАЗ массыына бэрт судургутутук кэһэн туораата.

Арыыга үктэнээппитин кытта  киэҥ нэлэмэн сир-уот охсуллан, мунньуллан хас да сүүһүнэн ааҕыллар урулуоннар ыраахха диэри көстөллөр. Сорох сиргэ олору биир сиргэ муспуттара ыраахтан булгунньах саҕа буолан көстөр.

Тиийиэхтээх дьоммутугар чугаһаабыппытыгар, ыраахтан биир тыраахтар мунньан элэҥнэтэр. Ол ыраахха диэри субуллар субуулары икки тыраахтар пресс-подборщиктары соһон,  тута урулуоннаан иһэр.  Субууну хомуйа тараан ылан, төһө эмит миэтэрэ ырааҕы бараллар, иһэ туолан тохтоон тураллар, 300 киилэ курдук ыйааһыннах урулуону  «төрөөн»  кэбиһэллэр уонна салгыы субууну хомуйан симиммитинэн бараллар.

Биһиги урулуоннуу сылдьар «Бөлөрүүс» аттыгар тохтоотубут.  «Чүүйэ» МУП салайааччыта Аркадий Лукин бэйэтинэн үлэлиир сылдьар эбит. Тыраахтарын  умуллараат ойон түстэ,  саха киһитин үгэһин быһыытынан туох сонун-нуомас баарын ыйыталаста. Өрүс арыыта буолан, от хойуутук үчүгэйдик үүммүтүн туһунан кэпсээтэ.

«Биһиги улуус эргин курааннаан от үүнүүтэ олус мөлтөх. Алаастарбытыгар олох үүммэтэ. Ол иһин бу Дьокуускайтан арыандаҕа сир ылан,  от ыйын 24 күнүттэн манна кэлбиппит. Алтыабыт, алта тыраахтардаахпыт. Үс ротарынан охсобут, икки пресс-подборщиктаахпыт уонна биир мунньардаахпыт. Халлаан туран биэрэрэ буоллар, син үмүрүтүөх этибит. Ылбыт сирбит киэҥ иэннээх. Арыыга үүнүү мөлтөх диэбиттэрэ эрээри, биһиги алааспытыгар холоотоххо, син баар курдук», — диэн үлэ хаамыытын Аркадий Ефремович билиһиннэрдэ.  Салгыы видеоны көрүҥ.

Дьэ, ити курдук «Чүүйэ» МУП мобильнай биригээдэтэ сайын үтүө күннэрин былдьаһа оттуу сылдьаллар. Арыандалаан ылбыт сирдэрин бу күннэргэ бүтэрэ охсон, күрүөлэнэн турар бэйэлэрин алаастарын оттуу тиийиэхтэрэ. Халлаан эрэ туран биэрдэр өр гыныа суох этилэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: