Чүүйэҕэ Оҕо саас сылыгар — «Дьөһөгөй оҕото»

Share

Саха киһитэ барахсан күн уһаан, халлаан сылыйан, таһырдьаттан киирбэт кэмэ кэллэ.

Бу үтүөкэннээх кэми туһанан, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар Дьөһөгөй Айыы ыйынан сибээстээн Ходоро нэһилиэгэр Чүүйэҕэ Марфа Данилова -Хатын Ай аатынан култуура киинин дириэктэрэ Саргылана Атласова, тэрийээччи Галина Константинова кырачааннарга уонна оскуола оҕолоругар анаан үс түһүмэхтээх «Дьөһөгөй оҕото» диэн тэрээһини ыыттылар.

Бастакы уонна иккис түһүмэхтэр кулун тутар саҥатыгар саха балаҕаныгар»Чэчир» уһуйаан орто, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар  уонна В.В. Скрябин аатынан орто оскуола алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыта.

Бу  күннэргэ үһүс түһүмэх — үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт «Дьөһөгөй оҕото» тэрээһин Эбэҕэ ыытылынна.

Аал уоту оттон, Дьөһөгөй Айыыга хайыһыы сиэрин-туомун толорон, Ийэ айылҕабытыгар алгыс ыыттыбыт.

«Ходоро нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Виктор Федоров  оҕолорбутугар,  тэрээһиҥҥэ мустубут бар дьону «Дьөһөгөй оҕото» тэрээһин ис суолтатын арыйан, ыччаты иитиигэ сүҥкэн суолтатын бэлиэтээтэ.

Нэһилиэк  чулуу үлэһитэ, сылгыһыт Андрей  Михайлов сыарҕалаах  уонна ыҥыырдаммыт аттары аҕалан, уолаттары ыҥыырдыырга, үүнүн кэтэрдиигэ күрэхтэһии тэрийдэ.

Уолаттар биирдии кыыстаах икки хамаандаҕа хайдыһан, тыҥааһыннаах күөн көрсүү буолла. Манна салааска оннугар аныгы үрүллэр тэрилинэн суумка илдьэн биэрии, туут хайыһарынан сүүрүү курдук көрүҥнэр киирдилэр.  Туһугар, бэйэтэ элбэх «ыалдьааччылардаах» күрэх ааста. Күрэхтэһии кыайыылаахтара сэмэй бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр.

Ийэ айылҕаҕа сылдьан, итии чэй иһэн, сылаас миин иһэн, алгыс ылынан оҕолорбут бэркэ үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Ити курдук, өбүгэ үтүө үгэһин, оонньуутун Ходоро нэһилиэгин кулуубун үлэһиттэрэ кыраачааннарбытыгар уһуйаантан саҕалаан ыччат дьоҥҥо билиһиннэрэн сыһыараллара хайҕаллаах суол.

Зиновий ИГНАТЬЕВ,

«Саха сирэ» хаһыат» уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ. 

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago