Күн сиригэр күндүттэн күндү киһинэн ийэ буолар. Ону санаан, биһиги эмиэ сэмэй, биллэ-көстө сатаабат, үлэтин, олоҕун да хаһан да кэпсээбэтэх, үлэни эрэ өрө тутан элбэх оҕотун иитэр-үөрэттэрэр эрэ баҕа санаалаах-толкуйдаах ийэбит барахсаны өйдөөн-санаан ааһаары суруйдубут.
Биһиги ийэбит Акулина Семеновна Ноговицына (Протодьяконова) 1921 сыллаахха Сылаҥ нэһилиэгэр Бэрэҕэ 8 оҕолоох Анна Николаевна уонна Семен Васильевич Протодьяконовтарга 2-ис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Аҕыс бииргэ төрөөбүттэн 86 саастаах балта Февронья Семеновна Софронова билигин Нам Аппаанытыгар олорор.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр улахан убайдара Иннокентий Семенович сэриигэ үлэ фронугар үлэлээн, стахановец буолан, «көмүс» испииһэккэ киллэрбиттэр. Кини кэргэнинээн 4 оҕоломмуттар, бары үлэһит дьон буолбуттар. Бэйэтэ 87 сааһыгар өлбүтэ.
Биһиги ийэбит оҕо саас диэни билбэтэх, эдэр сааһыттан сүөһү туох баар ыарахан үлэтигэр үлэлээбит биир тутаах үлэһит, ырыаҕа ылланарыныы, биир бэйэтэ биэс киһи үлэтин үлэлээбит хорсун санаалаах дьахтар этэ. Балта Ульяналыын тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэммиттэр. Акулина Сылаҥҥа, Ульяна Мугудайга комбайнерынан үлэлээбиттэр. Биһиги ийэбит сэрии сут сылларыгар 1942-1945 сылларга дьахталлартан бастакы тырахтарыыстартан биирдэстэрэ этэ, ол түмүгэр Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ыанньыксыт ыарахан үлэтигэр биир өрөбүлэ суох тымныыны-куйааһы аахсыбакка үлэлээн, төһө элбэх сырата-сылбата, доруобуйата энчирээбитэ буолуой?
Ол курдук, эдэр сааһыттан биэнсийэҕэ тахсыар диэри ыанньыксыттаан, эмиэ да үүт астаан, сибиинньэ иитэн, окко үлэлээн кэллэҕэ.
Аҕабыт биэс сыл уоттаах сэриигэ буускатын соһо сылдьан, икки сыл арҕаа дойдулары быыһыырга – уопсайа, сэттэ сыл сылдьан кэлбитэ. Хаста да бааһыран, контузияланан кэлбитэ. Үөрэхтээх буолан, сэрии иннинэ холкуоска суоччуттаабыта. Сэрииттэн кэлээт ийэбинээн ыал буолбуттар. Хомойуох иһин, аҕабыт доруобуйатын сүтэрэн, аһыы утаҕы истэр эрэ «сэриилэһэ» сылдьар буолбута… Биһиги саастыыта дьон үгүстэрэ да сэрии содулуттан аҕалара эрдэлээн суох буоланнар, кыһалҕалаах, кырыымчык олоххо олорбуттара. Аҕабыт түөрт бииргэ төрөөбүт бырааттыылартан иккитэ сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубута.
Сэрии кэнниттэн сут-кураан дьылларга соҕотох элбэх оҕолоох дьахтары, биһиги ийэбитин үрэх бастарыгар сүөһү кыстата Нуотараҕа, Амма уҥуор Сыырдаахха, Орджоникидзе, Горнай оройуоннарыгар тиийэ ыыталлара. Ону биирдэ да аккаастаабакка, оҕолорун сорохпутун интэринээккэ биэрэн, кыраларын илдьэ барыталыыра.
Оҕолорун үөрэттэрэр баҕаттан Уһун Күөлгэ көһөн кэлэн баран, Ойбон Күөл ыччат-хомсомуол пиэрмэтигэр настаабынньыгынан, пиэрмэ ыстаарсайынан үлэлээн, Коммунистическай үлэ удаарынньыгын аатын ылбыта. Социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарынан буоланнар, «Крестьянка» сурунаалга, «Кыым», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ, оройуон элбэх бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Аны санаатахха, биһиги ийэбит соҕотох бэйэтэ күүстээх санаалаах буолан, итинник ыарахан кэмнэри тулуйан ааспыт эбит. Сытыары-сымнаҕас майгылааҕа, ыраас, чэнчис, туттунуулааҕа. Наҕыл курдук буолан баран, бүтэрбитэ-оһорбута эрэ баар буолара. Үгүс сиэннэрин көрсөн-харайсан, күүс-көмө буолан баран, 1992 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Ийэбит 7 оҕону төрөтөн, көрөн-харайан улаатыннаран, олоххо чиҥник үктэнэрбитигэр көмөлөспүтэ. Ону таһынан, бэйэтин бииргэ төрөөбүт балтыларын, бырааттарын үөрэттэрэн, үлэһит дьон оҥортоон, кинини аһара ытыктыыллара.
Улахан кыыс Татьяна Чурапчыга олорор, 2 оҕолоох, 5 сиэннээх. Татьяна Егоровна култуура үөрэхтээх. Чурапчы улуустааҕы гостиницатын дириэктэринэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. Хомунаалынай хаһаайыстыба бочуоттаах бэтэрээнэ, элбэх наҕараадалардаах. Билигин Дьокуускайга кыыһыгар олорор.
Мин, улахан уоллара, куоракка олоробун, 2 оҕолоохпут, 4 сиэннээхпит. Хойутаан да буоллар, Иркутскайга тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, сааһым тухары идэбинэн Чурапчы, Хаҥалас сопхуостарга, кэлин куоракка Көтөр фабрикатыгар агрономунан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбытым. Ол быыһыгар быыбарынай дуоһунастарга профкомунан, исполком бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк баһылыгынан үлэлии сылдьыбытым. Кэргэмминээн Ксения Константиновналыын икки оҕолонон, сиэннэрбитин көрсөбүт. Иккиэн билигин да илиибитин үлэттэн араарбакка, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Иккис кыыс Анна, үһүс кыыс Ульяна 4 оҕолоох, 5 сиэннээх, төрдүс кыыс Акулина 2 оҕолоох, Чурапчыга олороллор. Кыра кыыс Февронья 2 оҕолоох, 2 сиэннээх дойдутугар Бэрэҕэ олорон, 2009 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Кыра уол Семен Уһун Күөлгэ олорор, 4 уоллаах, 3 сиэннээх.
Тапталлаах ийэбитигэр бары оҕолорун ааттарыттан олохпутун, үөрэхпитин, дьылҕабытын түстээбитигэр махталбыт улахан. Кини биһиги ситиһиилэрбитин көрбүтэ буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ. Ол эрэн, үөһээттэн көрө, арчылыы сылдьара буолуо дии саныыбыт. Кини биһигини кытары мэлдьи баар, туох эрэ ыарахан буоллаҕына, мэлдьи сүбэлиир, көмүскүүр. Ол иһин, биһиги инникигэ эрэллээхпит, сирдээҕи олоҕу таптыыбыт.
Мин ийэм сэрии ыар кэмигэр
Тыраахтар көлөнөн үлэлээн,
Бар дьонун, дойдутун махталын
Ыстаалын мэтээлин ылбыта.
Мин ийэм олоххо тардыһан,
Бэтэрээн бэрдиниин ыал буолан,
Олоҕу салгыахтаах аналынан
Сэттэ оҕо ийэтэ буолбута.
Мин ийэм бэтэрээн кэргэнэ
Эрдэлээн олохтон барбыта,
Уу ньирэй сэттэ оҕо дьылҕатын
Ийэбит соҕотох сүкпүтэ.
Мин ийэм хоту сир хоһууна,
Муус болгур, тымныы тыал чаҕыппат!
Бултуура, мастыыра, оттуура,
Оҕотун олоххо сирдиирэ.
Мин ийэм – ынах ыан, арыылаан,
Уон араас үлэни үлэлээн,
Биир түгэн сынньанан ылбакка
Ииппитин махтана ахтабын.
Мин ийэм бу саха дьахтарын
Самныбат саргытын туоһута,
Аан дойду амарах санаатын
Аһыллар алгыстаах аартыга.
* * *
Илгэлээх эмиийин үүтүнэн
Иринньэх бэйэбин эмсэхтээн,
“Сээн” дэтэн сэрбэйэ улаатан,
Күн сирин күндүтүн көрбүппэр
Төлөммөт улахан иэстээхпин
Тапталлаах Күн күбэй ийэбэр.
Иһирэх тылынан иитэҥҥин
Иэйиэхсит эҥэрдээх эбиппин,
Өрүүтүн үтүөнү түстээҥҥин
Өрөгөй үктэллээх эбиппин.
Ол иһин олоҕум тухары
Махтаныам Күн күбэй ийэбэр.
Ийэбэр эйиэхэ тэҥниибин
Бу дойдум чэлгийэр кэрэтин.
Норуоппут кэхтибэт кэскилин,
Эйэлээх олоххо, дьулуурун.
Уруйдан уостубат тапталтан,
Күн күбэй ийэбит барахсан.
* * *
Аҕабар атаахтаан көрбөккө,
Амарах санаатын билбэккэ,
Өйөбүл үөрүүтүн ылбакка,
Аһаран эрдэҕим олохпун.
Аҥардас ийэҕэ иитиллэн,
Эбиитин кыргыттар быыһыгар,
Боотуурдуу санаакам бобуллан,
“Аһары сымнаҕас” дэттэҕим.
Ол эрэн, барыга сатабыл,
Эрэйтэн эрдэлээн кэлбитэ,
Уончабар холкуоска оттоһон
Оттомноох олоххо киирбитим.
Оттук мас, иһэр муус бэлэмнээн,
Сыарҕанан от тиэйэ үөрэнэн,
Бастакы куобахпын туһахтаан
“Эрэллээх эр бэрдэ” дэппитим.
Оччоттон баччаҕа кэлбиппэр
Ийэкэм таптала таайдаҕа,
Тулалыыр дьоннорбор сыһыаным
Ымыылаах ыйынньыт буоллаҕа.
Егор НОГОВИЦЫН-БИИ ДЬӨГҮӨР, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ,
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Сылаҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үрдүк үөрэхтээх агроном, физкултуура уонна успуорт сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэлээх, чэпчэки атлетикаҕа успуорт маастара.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…