Салгыы
Cомоҕолоһуу муҥхата

Cомоҕолоһуу муҥхата

Ааптар:
10.11.2024, 18:00
Хаартыска: Ульяна Иванова
Бөлөххө киир:

Күөх Боллох дьону-сэргэни көмүс хатырыктааҕынан үөрдэ-көтүтэ күндүлээн, кыһын устата аһатар. Сахаҕа олохпут сиэрэ, төрүт дьарыкпыт буоллаҕа. 

 Күөллэрэ эмис собонон аатыраллар

Бу күннэргэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар, чуолаан Үөһээ Бүлүүгэ утуу-субуу алтынньы бүтэһик – сэтинньи бастакы күннэрин баттаһа, муус ча­­раас эрдэҕинэ, муҥхалаатылар.  Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр саҥа талыллыбыт баһылык Сергей Федотов муҥха тэрийэн ыытта. Бу кэрэ айылҕалаах кыракый нэһилиэги саха суруйааччыта, сахалыы хаһыат устуоруйатыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыт Григорий Нынныров, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Алексей Миронов, Чап уустара аатырдыбыттара. Ону кытта  күөллэрэ эмис собонон эмиэ аатырарын үөһээ бүлүүлэр билэллэр.

Бу бөдөҥүн! Бу эмиһин!

Нэһилиэк эбэлэригэр уруккуттан муҥханы тэрийии, дьону-сэргэни сибиэһэй балыгынан күндүлээһин үгэскэ кубулуйбута ыраатта. Бааһынай Баһылай баһылыгынан үлэлиир эрдэҕинэ, Алексей Дмитриев, Федор Будищев, Михаил Тумусов-Тумус Мэхээлэ, Афанасий Мачахов Түөлбэ, Хахтаах, Саһыл эбэлэри тардаллара. Ити кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэриттэн саҕа­лаан аҕам саас­таах кырдьаҕаһыгар тиийэ Күөх Боллох кэһии­тин амса­йаары туруналлара. Хахтаах эбэ собото минньигэс диэн Үөһээ Бүлүү атын нэһилиэктэриттэн кытта тиийэ кэлэллэрэ. Ол саҕана Алексей Дмитриев муҥханы тэрийээччи буолан, кини тэринэн дьону-сэргэни түмэ тардарын дьон олус да кэтэһэрэ. Аҕам кэпсииринэн, сарсыардаттан ыыс-быдаан табах сыттаах хонтуораҕа толору дьон мустан, хайа күөл балыга эмиһин-көтөҕүн, бөдөҥүн-кыратын ырытан мөккүөр бөҕө ыһаллара. Ол кэннэ биирдэ балыксыттар Түөлбэҕэ, Мунньаҕаҕа, 20 км тэйиччи сытар Хахтаахха да буоллун, хара сарсыардаттан хомунан бараллара.

Мин оҕо сылдьан элбэхтик сылдьыбыт буоламмын, Хахтаах уонна түөлбэ күөллэрэ олус улахан буолан, ардыгар иккитэ түһэрэллэрин билигин да өйдүүбүн. Ийэм саҥа тикпит кээнчэтин уонна үтүлүгүн үөрэ-көтө анньынан баран, бииргэ төрөөбүт икки бырааппыныын дьахталлары уонна оҕо аймаҕы кытта нырыыга сылдьааччыбыт. Оскуолаҕа учууталларбыт ким нырыыһыт, анньыыһыт буоларын барытын быһаараллара. Онтон кэлин собо барахсан күөллэринэн аҕыйаан, муҥхаһыттар кистээн, көҥөнсөн бэйэлэрэ сылдьар буолбут кэмнэрэ эмиэ баара. Оччотооҕу кырыымчык ас-үөл кэмигэр чугастыы нэһилиэк килбэйэр киинигэр Харыйалаах эбэҕэ балык суох буолбутунан, тулалыыр эйгэ кэхтибитинэн, муҥхалыыр да, ону ааһа баран илимниир да тохтотуллубута. Оттон кэлин ол саҕана леснигинэн үлэлээбит Федор Будищев дьаһалта үлэһиттэрин кытта көмүс хатырык­тааҕы Харыйалаах эбэҕэ үөскэтээри, үс куул собону аҕалан ыыппыттарын истибитим.

Кэм-кэрдии ааһар, олох сайдан иһэр, этэргэ дылы, күн-дьыл аҕалар хаарын-самыырын кытта туох барыта уларыйар. Ити курдук уонча сыл ааспытын кэннэ биир дойдулаахтарым быйыл Харыйалаах эбэттэн элбэх балыгы хоторон, киэһэ муҥха кэнниттэн эмис собо сиир хаартыскаларын, видео­ларын ыһа-тоҕо социальнай ситимнэринэн тарҕаттылар. Эчи бөдөҥүн! Эмиһин!

Күн туран биэрдэ

«Чугастыы Харыйалаах эбэҕэ муҥха тэриллибитинэн анньыыһыттыын, нырыыһыттыын  холбоон 90-ча кэриҥэ киһи кытынна, тиэхиньикэ да элбэх», – диир нэһи­лиэк баһылыга Сергей Федотов. Эдэр салайааччы удьуор утумун батыһан биллэр булчут, балыксыт, нэһилиэк ытык­тыыр, киэн туттар урукку баһылыга Афанасий Акимов сиэнэ. Бу сырыыга кэлии күтүөт уол Станислав Петрову кытта бодуруһан, кини муҥхатынан «Сомоҕолоһуу муҥхатын» тэрийэргэ быһаарыммыттар. Өбүгэ төрүт дьарыгын эттэригэр-хааннарыгар илдьэ сылдьар буолан,  төһө да аныгы сайдыылаах кэмҥэ олордоллор, нэһилиэк эр хоһууттара хааннара тардан, бэйэлэрэ ис санаа­ларыттан баҕаран туран муҥхаҕа таҕыстылар. Ону кытта нэһилиэк анныгар чугас сытар эбэҕэ ыытыллыбыт буолан, аҕам саастаахтар кытары киирдилэр.

«Урукку кэмнэрбин са­­наан, нэһилиэк баһылыга тэрийбит муҥхатыгар кытынным. Киһи да, тиэхиньикэ да олус элбэх. Эбэбит барахсан бэрсэр ини», – диир өр кэмнэргэ буоста начаалынньыгынан үлэлээбит Саргылаана Яковлева.

Дьэ, Күөх Боллох матарбата. Байанай мичик гынан, быйыл күһүн хаһааҥҥытаа­ҕар да нэһилиэк олохтоохторун үөрдэ-көтүттэ, маанылаата. Хас биирдии кыттаач­чы дьиэ­ҕэ күөстэнэр сэмэй ирээтин ылла.  Манна саамай сүрүнэ диэн, нэһилиэк олохтоохторун түмэ тардан, айылҕаҕа сибиэ­һэй салгыҥҥа сылдьан, дьоннуун-доҕоттордуун алтыһыы буоллаҕа. Маны таһынан, Кэнтик хас биирдии ыала, дьоно-сэргэтэ атын нэһилиэктэргэ курдук аҕам саас­таахтарга көмө оҥоруута утум­наах. Онон бу сырыыга муҥхаҕа сылдьыбатах аҕам саастаахтарга, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр элбэх балыгы хоторон, икки куулу туспа ирээт ууран тарҕаттылар.

Ороһуга «түмсүү» муҥхата

Манан «Сомоҕолоһуу» муҥхата түмүктэммэтэ. Кэнтик балыксыттара  кыттыы­лаах сэтинньи 4 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх эбэтигэр Түмсүү сылын чэрчитинэн «Сомоҕолоһуу» муҥхатын тэрийдэ. Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн Ороһу нэһилиэгин дьаһалтатын уонна култуура киинин үлэһиттэрэ көрүстүлэр.  Улахан муҥханы алгыс тылынан улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов арчылаата.  Муҥхаҕа тиийбиттэр ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола оҕолоро  тэбис-тэҥҥэ сылдьан, көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын илэ харахтарынан көрдүлэр, саха омук сатабылыгар үөрэннилэр. Онон инникитин булка, балыкка бу курдук сысталлара элбэҕи эрэннэрэр. Итини таһынан, Күөх Боллох күндүлээбит балыгыттан ирээт собону Үөһээ Бүлүү улууһуттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттардылар.

Ити курдук, үөһээ бүлүүлэр түөрт ыйдаах тыйыс тымныыларга, ууннары тардыбыт уһун кыһын устата муҥха балыгын амсайар дьоро киэһэлэрэ үүнүөхтэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: