Салгыы
CҮБЭҺИТ: Эттэн бүлүүдэлэр

CҮБЭҺИТ: Эттэн бүлүүдэлэр

29.10.2024, 15:45
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Идэһэ кэмэ бэйэтэ туспа үөрүүлээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх түгэн. Кэлин төһө даҕаны убаһа этэ дэлэйбитин иһин, саха миинимсэх. Ынах этин сылы-эргиччи сиирин, миинниирин ордорор. Күн бүгүҥҥэ диэри “саха отунан аһаабат” диэн  эбэтэр Саха сиригэр вегетарианецтар кыайан олорботтор диэн этиини элбэхтик истэбит. Эт белок буолар. Эккэ-хааҥҥа белок тиийбэтэҕинэ араас эттиктэр атастаһыылара кэһиллэр, аһылык иҥпэт. Учуонайдар эккэ-хааҥҥа эт тиийбэт буолуута он­нооҕор майгыга-сигилигэ кытта дьа­йар диэн быһаараллар. Биһиги курдук тыйыс тымныылаах сиргэ олохтоох эт аһылык ордук суолталаах.Ынах сүөһү этигэр белок, В битэ­миин көрүҥнэрэ, калий, тимир, фосфор, цинк, уо.д.а. эттик элбэх диэн ыйаллар.

Былыр бэйэлэрин сатабылларынан, айылҕа тугу биэрбитинэн астыыр уонна хаһаанар ньымалара үгүс эбит: ууга, үүккэ, арыыга буһарыы, кылгас эбэтэр уһун кэмҥэ буһарыы, уокка үтэн, үөлэн, саллан, халахытан, күҥкүтэн, сырайан буһарыы, хатарыы, тоҥоруу, о.д.а.

Үөс тардар

Идэһэ өлөрдөхтөрүнэ бастакынан үөс тардары буһаран көмөлөспүт дьону, оҕолору күндүлүүллэр. Сорохтор үтэһэҕэ үөлэллэр, оһох иэдэһигэр эбэтэр билиитэ үрдүгэр сыһыаран буһараллар. Буһарын саҕана кыратык туус таммалаталлар. Атыттар ынах сүөһү мэйиитин кыра ууга күөх лууктаан буһаран сииллэрэ эмиэ баар суол.

Хатарба

Бу эти хаһааныы биир ньымата диэххэ сөп. Ууга эбэтэр уокка саллан буһарбыт эттэрин салгын оонньуур, күн уота көрөр сиригэр ыйаан хатараллар. Маны бэйэтинэн өйүө быһыытынан илдьэ сылдьаллар эбэтэр мииннээри гыннахтарына ууга кутан хаттаан буһараллар. Хатарба ууга киирдэҕинэ үллэр итиэннэ буспут буолан уһуннук илдьиритиллибэт. Тыаҕа сылдьар дьоҥҥо табыгастаах диэн ааттыыллар.

Үөлүллүбүт быар

Быары кыра гына түөрт муннуктуу кырбаан, үтэһэҕэ иилэн уокка саллан сииллэр, кыратык туус таммалаталлар.

Манна даҕатан эттэххэ, оҕо эрдэххэ дэриэбинэ эр дьоно сайын тайах өлөрдөхтөрүнэ быарын миэстэтигэр уокка үтэн аҕалаллара. Маннык буспут быар туохтааҕар да минньигэс буолара.

Чохочуга сууламмыт быар

Чохочуну (ынах иһинээҕи чараас сыата) түөрт муннуктуу быһаллар. Быары эрийэн баран эбэтэр кыра гына кырбаан тума, туус эбиллэр. Бэлэм быары чоҕочуга сууланар. Хобордооххо кыра арыы кутан икки өттүттэн кыра уокка хаппахтаан туран ыһаарыланар эбэтэр 200 кы­­раадыс итии духуопкаҕа уган ылаллар. Чохочуну итиилии сиэниллэр.

Тыллаах, эттээх саламаат

Саламаат – сахалар тапталлаах астара. Үксүн үрдүк үөрүүгэ, улахан бырааһынньыктарга буһараллар. Кэлин саламаат арааһа дэлэйдэ. Олортон биир бастыҥнарынан астаах (тыллаах, эттээх, балыктаах, тэллэйдээх..) саламаат буолар. Холобур, тыллаах саламааты бэлэмнииргэ бастаан тылы туспа, сымныар диэри ууга буһарабыт. Бүрүөһүнүн ылан баран кыра гына кырбыыбыт. Эриэппэ луугу ынах арыытыгар ыһаарылыыбыт, үрдүгэр тылы кутан буһара түһэбит.

Ынах арыытын, үүтү, ууну, бурдугу, тууһу эбэн олоҕурбут ньыманан саламаат оҥоробут. Бэлэм иһиккэ маҥнай тылы, онтон үрдүгэр саламааты кутабыт,  итиилии сиибит.

Симии

Ынах этин уонна иһин (оһоҕос, быар, тыҥа, сүрэх, өрөһө) эриэппэ, күөх луугу кытта мясорубкаҕа эрийтэрэллэр. Онно ирииһи кутан булкуйаллар. Ким тугу сөбүлүүрүнэн тума, чеснок, туус куталлар.

Оһоҕоһу ыраастаан, тиэрэн хаста да суу­йан баран биир уһугун быанан баайыллар. Иккис уһугунан сэрэнэн бэлэм маассаны куталлар. Салгынын таһааран баран баайаллар. Бэлэм симиини ууга эбэтэр салгыы арыыга ыһаары­лаан сииллэр.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: