“Цифровой алмаас” III федеральнай пуорум кыттааччылара бэҕэһээ “Межвузовские кампусы 2.0: опыт прежних лет и новые реалии” сиэссийэҕэ үрдүк үөрэхтэр кампустарын тэрийии, сайыннарыы тула кэпсэттилэр.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччылара, бу эйгэҕэ сыһыаннаах дьон, ону таһынан, ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри Арассыыйаҕа 25-тэн итэҕэһэ суох аан дойду таһымнаах кампустары тэрийэргэ сорудахтаабыта. Олортон биирдэстэринэн Саха сиринээҕи кампус буолуохтаах. Үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампус бырайыак быһыытынан куорат 68-с кыбартаалыгар тутуллуохтаах. Кампус кэнсиэпсийэтин номнуо оҥорбуттар. Быйыл сайын дойду бэрэсидьиэнэ Саха сиригэр сырыытын кэмигэр бырайыагы өйөөбүтэ диэн бэлиэтииллэр.
Мунньахха кампус тула киэҥ кэпсэтии таҕыста. Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай кампус кэнсиэпсийэтин оҥорууга Арассыыйа уонна тас дойдулар кампустарын уопутун көрбүттэрин ыйда. Итиэннэ үөрэх бырагыраамалара өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кытта ситимнээх буолаллара суолталаах диэн бэлиэтээтэ. “Саха сиригэр кампус туохха нааданый? Бу – саҥа уопсай дьиэ, саҥа табыгастаах миэстэлэр, саҥа үөрэх бырагыраамалара, междисциплинарнай бырагыраамалар. Ол эрээри, кампус соруга маннааҕар далааһыннааҕын, киэҥин өйдүүбүт. Биһиги үөрэх бырагыраамата уонна междисциплинарнай бырагыраамалар көннөрү университеттар сайдыыларын кэрдииһин уһатан биэрэр соруктаах тэриллиэхтэрин баҕарбаппыт. Үрдүк үөрэхтэргэ аһыллар бырагыраамалар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кытта ситимнээх буолалларыгар баҕарабыт. Ол эрээри, манна булгуччу эрэгийиэннээҕи компонены киллэрэн биэрэр ирдэнэр”, — диэн эттэ.
М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев билигин кампус ис хоһоонун буолбакка, номнуо хайдах буолуохтааҕын туһунан толкуйдуулларын эттэ. “Саҥа кампуска дойду, Арктика Хотугулуу-Илиҥҥи өттүн, о.д.а. барытын хабар технологическай сайдыыны кытта ситимнээх саҥа хайысхалар киириэхтээхтэр. Онно айылҕа-билим хайысхалар олус күүстээх буолуохтара диэн көрөбүт. Билигин университет мэдиссиинэҕэ, нэһилиэнньэ доруобуйатын хаачыстыбатыгар саҥа оҥоһуулардаах, препараттардаах. Ол эрээри, биһиги үчүгэй виварийа суох клиническэй иннинээҕи чинчийиини ыытар кыахпыт суох. Бастакы уонна иккис түһүмэх бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтик барыахтаахтар. Биһиги генетикаҕа олус күүстээх оскуолалаахпыт. Онтон АГАТУ нэһилиэнньэни иҥэмтэлээх аһылыгынан аһатыыга күүскэ дьарыктанар. Бу барыта ситимнээх буолуохтаах” – диэн быһаарар. Итиэннэ манна өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы үрдүк үөрэхтэр кыһаларын кытта кыттыгас бырайыактары киллэрбэтэхпитинэ, бэйэбит испитигэр эрэ буһуохпут-хатыахпыт диэн бэлиэтээтэ.
Тустаах сиэссийэҕэ спикердэр кампус Саха сиригэр туох туһаны аҕалыаҕыттан саҕалаан, каадыр боппуруоһун быһаарарга, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тиийэ көдьүүстээҕин эттилэр.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…