Цифровой алмаас: Судаарыстыбаннай пабликтар саҥалыы сыдьаайыахтара

Share

Бүгүн «Цифровой алмаас» пуорум чэрчитинэн «Лаборатория госпабликов: погружение в будущее» сиэссийэҕэ судаарыстыбаннай пабликтар үлэлэрин, сайдыыларын ырыттылар, маастар-кылаас ыыттылар.

Эспиэрдэр судаарыстыбаннай пабликтарга боростуой ааҕааччы тугу көрүөн, ааҕыан баҕарарын туһунан кэпсээтилэр. Дьон үгүстүк анал тиэрминнэринэн, тылларынан суруллубут тиэкистэри, иһитиннэриилэри, сонуннары ыарырҕатар, ол оннугар киһини угуйар дьэрэкээн өҥнөөх хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут инфографика ордугун бэлиэтээтилэр.

Сиэссийэ кыттыылаахтара судаарыстыбаннай пабликтарга туох кыаллыбатын, итэҕэстэрин, сөптөөх хайысханы дьүүллэстилэр. Тэрээһин түмүгэр судаарыстыбаннай пабликтар контеннарын хаачыстыбатын хайдах тупсарар, пабликтар администатордарын таһымнарын үрдэтии, социальнай ситимнэри хайдах көдьүүстээхтик туттар туһунан кэпсэттилэр, уопуттарын атастастылар.

Сиэссийэ түмүгэр СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов үһүс «Цифровой алмаас» госпабликтарын сиэссийэтин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ, бастыҥ пабликтаах тэрилтэлэргэ наҕараадалары туттартаата.

«Үс сыл анараа өттүгэр Госпабликтар лабораторияларын тэрийэрбитигэр ким даҕаны итэҕэйбэтэҕэ маннык кэҥиэн, сайдыан диэн. Билигин сөптөөх хайысханы тэрийбиппит көһүннэ, судаарыстыбаннай пабликтар элбээн, көдьүүстэрэ улаатан иһэр», — диэн бэлиэтээтэ кини.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

8 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

8 часов ago