«Цифровой алмаас» үһүс пуорум үлэтэ саҕаланна

Share

Бүгүн Дьокуускайга “Цифровой алмаас” үһүс федеральнай пуорум үлэтин саҕалаата. Тэрээһин сүрүн тиэмэтинэн дойду сайдыытын сүрүннүүр эрэгийиэннэр цифровой трансформациялара буолар.

Тэрээһин бастакы күнэ «Цифровой алмаас» федеральнай пуорум аһыллыытынан саҕаланна. Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ тыл этэригэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүн, сэтинньи 13 күнүн, Инновация күнүнэн биллэрбитин иһитиннэрдэ.

Айсен Николаев олус элбэх ыалдьыт биһиги эрэгийиэммитигэр уопут атастаһа кэлбитин бэлиэтээтэ. «Төһөнөн ситиһиилэрбитин, үөрүйэхпитин хардарыта атастаһабыт, соччонон дойдубут кыаҕыран, өрөспүүбүлүкэбит цифровой сайдыыта кэҥээн иһиэҕэ«,- диэтэ кини.
Тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн Арассыыйа Дьоруойа, космонавт Олег Артемьев космоска тиийэ сылдьыбыт «Кындыкаан» куукуланы төттөрү дойдутугар аҕалбыта буолла.  «Маннык цифровой пуорумнар ыытыллаллара олус наадалаах. Биһиги космическай станциябыт барыта цифровой. Онон кэскиллээх дьыаланан дьарыктанаҕыт«, — диэтэ космонавт.

Пуорумҥа Карелия Өрөспүүбүлүкэтин дьаһалтатын информатизацияҕа управляющайа Дмитрий Маринов кэлбит. «Саха сирэ инновационнай үлэлэринэн аатырар. Онон уопут атастаһа диэн кэллибит. Пуорумҥа цифровой трансформация, цифровизация хайысхаларынан үлэлиэм, ИТ хампаанньалары кытта билсиэм«,- диэтэ.

Салгыы кэлбит ыалдьыттарга «Цифровой алмаас» быыстапка кыттыылаахтара бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

4 часа ago