Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум түмүктэннэ.
Айсен Николаев Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистиригэр толору цикллаах элбэх өҥөнү оҥорор киинэ павильонун бырайыагын билиһиннэрдэ.Ону Дьокуускайга Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудаҕынан тутуохтара. Биир сиргэ хас да павильон киинэни устууга баар буолуоҕа, ону тэҥэ студия куорпуһа, актер дьиэтэ уонна дэриэбинэ декорацията.
Онтон салгыы үрдүк сололоох ыалдьыкка пилота суох көтүү тиэмэтин таарыйдылар. Чекунков БПЛА бастакы Уһук Илиҥҥэ батальонун састаабын кытта көрүстэ. Федеральнай миниистир маннык типтээх көтөр аппарааттары оҥорууну сайыннарыыны уонна онно исписэлиистэри бэлэмнээһини биһирээтэ. Саха сиригэр оператордары икки үөрэх кыһатыгар бэлэмнииллэр.
Николаев эрэгийиэҥҥэ пилота суох авиация экоситимэ тэриллэрин бэлиэтэтэ. Манна гражданскай уонна байыаннай исписэлиистэри үөрэтии, БПЛА оҥоруу киирэр, Оборуона министиэристибэтин иһинэн инженернэй сэриилэр базаларыгар идэтийбит салаа тэрилиннэ. Инструктордар байыаннай дьайыы кэмигэр кытта бэлэмнэниини ааһаллар.
Саха сиригэр бу ситими сайыннарыыга бырагыраама ылыныахтара. Докумуон кэлэр сыл бастакы кыбаарталыгар бигэргэниэҕэ. Сүрүн соругунан БПЛА-ны экэниэмикэ секторыгар туһаныы буолуоҕа. Бырагыраама табаары таһыы кыһалҕатын быһаарыа. Ону тэҥэ ойууру баһаартан эбэтэр көҥүлэ суох кэрдииттэн кэтиэхтэрэ, уот уонна гаас ситимнэрин, атын да инфраструктуралары кэтээн көрүөхтэрэ. Хайыы-үйэ пилота суох авиацияҕа дьоҕус научнай-оҥорон таһаарар киини тэрийиигэ сайаапка оҥоһулунна.
Ону тэҥэ дрону көтүтүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи федерация Дьокуускайга аһылынна. Өссө Саха сирин аҕыс муниципалитетыгар аһыллара күүтүллэр.
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…