«Цифровой Алмаз» пуорум РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин биир сүрүн тэрээһининэн буолар
Бу күннэргэ «Цифровой Алмаз» федеральнай пуорум үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Бу пуорум РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин биир сүрүн тэрээһининэн буоларын Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн «Якутия, вперед!» биэриигэ эттэ.
«Цифровой Алмаз» пуорум бу федеральнай таһымнаах улахан сабыытыйанан буолар. Биһиги пуоруммут РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин сыллааҕы сүрүн былааныгар киирдэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ сыыппараны, медианы, контены оҥорууну, анимацияны уонна киинэни сайыннарыыга бары өттүнэн хабар бэртээхэй былаһааккалар үлэлээтилэр. Манна Арассыыйа 10-тан тахса эрэгийиэннэрэ кыттыбыттара элбэҕи туоһулуур. Ону тэҥэ, бөдөҥ ИТ-хампаанньалар, федеральнай министиэристибэлэр салайааччылара кыттыыны ыллылар. Пуорумҥа араас биисинэһинэн дьарыктана сылдьар эдэр дьону үөрэ көрдүм. Кинилэр номнуо ситиһиилэммиттэр. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар биһиги ыччаттарбыт ситиһиилэрин үрдүктүк сыаналаабыттара эмиэ элбэҕи этэр«, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: