«Цифровой Алмаз» пуорум ыытыллыаҕа
«Саха сиригэр пуорум иккиһин ыытыллар. Былырыыҥҥы курдук пуорум эмиэ бэйэтин былаһааккатыгар цифровой экэниэмикэ лиидэрдэрин түмүөҕэ. Пуорум сүрүн соруга — Арассыыйа технологическай сайдыытыгар уонна бу хайысхаҕа хамсааһын туһунан кэпсэтиһии буолуоҕа. Пуорум бырагыраамата элбэх кыттааччыны интэриэһиргэтиэҕэ. Былааннаммыт кэпсэтиилэр уонна сиэссийэлэр дойду экэниэмикэтин креативнай секторын сайыннарыыга күүстээх олугу ууруохтара», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.
«Пуоруму сэтинньи 23-24 күннэригэр ыытыахпыт. Бу улахан таһымнаах федеральнай бырайыак буолар. Цифровой экэниэмикэ лиидэрдэрин уонна эспиэрдэрин түмүөҕэ», – диэн бэлиэтиир Кирилл Бычков.
Пуорум «Квартал труда» креативнай кластерга ыытыллыаҕа. Пуоруму СӨ Бырабыыталыстыбата цифровой сайдыыга уонна маассабай коммуникацияҕа министиэристибэни кытта кыттыгас тэрийиэхтэрэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3377860 ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: