«Цифровой алмаз» пуорумҥа тыһыынчанан киһи кытынна, элбэх бырайыак хамсаата
Дьокуускай куоракка сэтинньи 25-26 күннэригэр буолан ааспыт «Цифровой алмаз» пуорумҥа Арассыыйа 60 эрэгэйиэниттэн тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Икки күн иһигэр барыта 20 тэрээһин ыытылынна, бииргэ үлэлээһин туһунан 10 сөбүлэһиигэ илии баттанна.
Санатар буоллахха, пуорум цифровой экэниэмиэкэҕэ, медиа-индустрия сайдыытыгар, цифровой контент уонна билиҥҥи экэниэмикэ сайдыытыгар оонньуулары оҥорон таһаарыыга анаммыта. Пуорумҥа РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ Максим Решетников итиэннэ цифровой уонна маассабай коммуникация сайдыытын миниистирэ Максут Шадаев кыттаннар тэрээһини өссө үрдүк таһымнаатылар.
Ил Дархан Айсен Николаев: «Биһиги инникибитин ИТ-эйгэҕэ көрөбүт уонна креативнай индустрияҕа дьаныһан үлэлиибит. Бүгүҥҥү балаһыанньаҕа улахан суолтаны ылар уонна күүскэ сайдарга саҥа кыахтары биэрэр. Онуоха судаарыстыба иннигэр олохтоох ИТ-исписэлиистэри өйүүр уонна бары усулуобуйаны онно оҥорор сорук турар», – диэн бэлиэтээбитэ.
Пуорум чэрчитинэн Анаабыр улууһун Сааскылаах сэлиэнньэтигэр оптоволокно ситимэ тардыллан үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Түргэн интэриниэт киирэр сиэригэр-туомугар Максим Шадаев кытынна. Кини Саха сирин маннык уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэригэр Өрөспүүбүлүкэ уонна РФ цифровой, маассабай коммуникация сайдыытын министиэристибэтин «Артика Синергията» холбоһуктаах бырайыактарын чэрчитинэн оҥоһуллар үлэ салгыы барыа диэн бэлиэтээбитэ. Итини таһынан социальнай эйгэҕэ цифровой платформаны дириҥник киллэрэргэ «Цифровой экэниэмикэ» уонна интеллектуальнай видеонан кэтээн көрүү тиһигин оҥорор туһунан «Ростелеком» ААУо-ну кытары сөбүлэһии түһэрсилиннэ.
Уопсайынан, федеральнай миниистир өрөспүүбүлүкэ ИТ-исписэлиистэрин бырайыактарын улаханнык сэргээтэ уонна үрдүктүк сыаналаата. Бу бырайыактар истэригэр, бэйэбит мэдисиинэбитин аныгы бырагыраамаларынан хааччыйыы, ойуур баһаардарын кэтээн көрүү, хомунаалынай өҥөлөрү төлүүргэ электроннай сиэрбистэр бырагыраамаларын ырытан оҥоруу бааллар.
Оттон миниистир Максим Решетников «Үлэ оҥорон таһаарыыта» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Федеральнай кэмпитиэнсийэ киинин салалтатынан үлэлиир «Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ» АУо уонна «Саюри» тэпилииссэ үлэтин-хамнаһын билсибитэ. Миниистир ыыппыт Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар анаммыт мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев Сибиир уонна Уһук Илин тырааныспар уонна энэргиэтикэ саҥа көрүдүөрдэрин үөскэтиини учуоттаан, дойду сайдар стратегиятыгар атын сыһыан ирдэниллэрин эппитэ. Мунньахха итини сэргэ билиҥҥи буола турар быһыы-майгы кэмигэр, сир баайдаах саҥа сирдэри баһылааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ иннигэр турар соруктар көрүлүннүлэр.
«Саха сирэ эмиэ дойду бүттүүнүн курдук саҥа олоххо адаптацияланар, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырайыактар онуоха туһуланаллар. Манна сүрүн соругунан – экспорт уонна импорт, тырааныспар логиистикатын тиһигин уларытан оҥоруу буолар. Ол туһугар элбэх үлэ оҥоһуллар», – диэн бэлиэтээтэ Максим Решетников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: