Цифровой эйгэ ыыра кэҥиир, дьон олоҕо тупсар
Бу сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Саха сиригэр “Экэниэмикэ сүрүн хайысхаларын, социальнай эйгэтин уонна судааарыстыбыннай салайыытын цифровой эйгэҕэ көһөрүү стратегията” диэн докумуон таҥыллан үлэҕэ ылыллыбыта.
Бу үлэ хайдах-туох бара турарын туһунан бырайыактары көрөр мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев ыйыталаста. “Цифровой эйгэҕэ көһөрүү стратегиятыгар” киирбит бырайыактары олоххо киллэрии тэтимин күүһүрдүөх тустаахпыт. Сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо ыйытыыларыгар тута харда ылалларын түргэтэтэр үлэни тупсарыыга үлэлиэхтээхпит. Маннык тута алтыһыыны тупсарыы салалта үлэлиир хаачыстыбатын сыаналыырга көмөлөһөр”, — диэн Айсен Сергеевич эттэ.
Ил Дархаҥҥа цифровой эйгэҕэ көһөрүү эйгэтигэр араас салаа салайааччыларын үлэлэригэр сыана быһар рейтинг таҥыытын маҥнайгы түмүктэрин кытта билиһиннэрдилэр. Бу бырайыагы сэтинньи 1 күнүгэр диэри үмүрүтэн, көрдөрөллөрүгэр сорудах ыллылар.
Маны таһынан Ил Дархан «Уопсастыбыннай тырааныспар» уонна «Тырааныспар уонна логистика» хайысхаларга цифровой көһөрүү бырайыактара хайдах бара туралларын эмиэ билистэ. 2019 сылга “Саха сирин паромнара” диэн мобильнай сыһыарыы үлэҕэ киирбитэ. Бу сыһыарыы көмөтүнэн билигин кытылга ханнык паромнар баалларын илэ көрүөххэ сөп. Билигин сыһыарыы үлэлиир ыырын кэҥэтиигэ болҕомто ууруллар. Кэлэр сылга паромҥа киирэр инниттэн терминал көмөтүнэн харчыны төлүүр буолуохпут, ону тэҥэ, сыһыарыы көмөтүнэн онлайн-билиэт атыылаһыы киириэҕэ.
Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр улахан суолталаах «Интеллектуальные транспортные системы в Якутске» уонна «Северный завоз» бырайыактары түмүктүүр түһүмэхтэригэр тиийбиттэр. Ыраах улуустартан дьон айанын, табаар тиэйиитин ордук табыгастаах оҥорорго анаммыт бырайыактар былааҥҥа киирбит болдьохторуттан хаалбакка иһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: