Сотору Арассыыйаҕа харчы үһүс көрүҥэ үлэҕэ киириэҕэ. Кумааҕы уонна бааҥҥа сытар электроннай харчыны тэҥэ цифровой солкуобай туһаныыга тахсыахтаах. Арассыыйа Киин баанын салайааччыта Эльвира Набиуллина этэринэн, цифровой солкуобайы тургутарга барыта бэлэм, харчы бу көрүҥүн туһаныы туһунан сокуону Судаарыстыбаннай Дуума ылыннаҕына, 18 баан иһинэн “цифра” харчыны туттуу саҕаланыаҕа. Ааҕааччыларым үгүстэрэ цифровой харчы билигин туттар электроннай (эбэтэр, атыннык эттэххэ “безналичнай”) харчыбытыттан туох уратылааҕын соччо өйдөөбөккүт буолуо? Бу ыстатыйаны суруйуом иннинэ, мин эмиэ дуостал быһаарсыбат этим. Дьэ, аныгы кэм тэтимиттэн хаалсыбат туһугар, тугун-ханныгын быһаарсан көрүөҕүҥ.
КУМААҔЫ ХАРЧЫ УОННА “БЕЗНАЛ”
Кэнники кэмҥэ “Сбер онлайн” нөҥүө төлүөхпүн сөп дуо?” диэн бэрт элбэхтэ ыйытар буоллубут. Сорох дьон кумааҕы харчынан ыйы ыйдаан туттубаттар, ханна эрэ ыраах улууска айанныыр буоллахтарына, “баҕар, туһаныам” диэн ханнык эрэ сууманы баан терминалыттан анаан-минээн устан илдьэ бараллар. Дьиҥэр, ол харчыларын төттөрү илдьэ кэлиэхтэрин да сөп – электроннай харчыны туттуу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күүскэ сайдан турар. Кумааҕы харчы билигин икки эрэ куоһурдаах – интэриниэт суох сиригэр илииттэн илиигэ бэрсэн төлөһүөххэ сөп. Эбэтэр, кистэлэҥ төлөһүүгэ, судаарыстыбаҕа, туора дьоҥҥо биллэриэххин баҕарбат буоллаххына, кумааһынньыкка хараллар харчы ордук табыгастаах.
Кумааҕы харчы мөлтөх өрүттэрин эмиэ бэркэ билэбит – маннык харчыны сүтэриэххэ сөп, уордарыахха сөп, ханнык баҕарар мал курдук урусхалланыан (умайыан, сытыйыан, инчэйиэн) сөп.
Электроннай харчыны олох соторутааҕыта соччо билбэт этибит, үксүн тэрилтэлэр бэйэ бэйэлэрин кытта төлөһөр ньымаларын курдук өйдүүрбүт. Билигин маҕаһыыҥҥа, тырааныспарга – ханна баҕарар, баан каартатын нөҥүө төлөһөргө үөрэннибит. Оннооҕор ырыынакка бэйэтин идэһэтин атыылыы турар кырдьаҕаһы кытта “онлайн баан” нөҥүө төлөһүү кими даҕаны соһуппат. Чинчийии көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа туох-баар төлөбүрдэр түөрт гыммыт үстэрэ электроннай ньыманан оҥоһуллаллар эбит. Мөлтөх өттө – интэриниэтэ суох сиргэ туһанар уустук. Дьалаҕайдык сыһыаннастахха, араас түөкүттэр баар харчыгын барытын суйдаан ылыахтарын сөп. Күүстээх өрүттэрэ – бааҥҥа угуллубут харчы “үлэлии сытар”, кыра бырыһыан ааҕыллар, араас “кэшбек”, “бонус” ылыахха сөп. Ону таһынан, кумааҕы харчы курдук сүппэт, сытыйбат-ымыйбат. Электроннай харчы – бааҥҥа уурбут илэ харчыбытынан мэктиэлэммит төлөһөр ньыма.
ЦИФРОВОЙ ЭЛЕКТРОННАЙТАН ТУОХ УРАТЫЛААҔЫЙ?
Омос санаатахха, “цифровой” уонна “электроннай” диэн биир өйдөбүлү араастаан ааттааһыҥҥа майгынныыр. Ол эрэн, “цифровой солкуобай” олох туспа айылҕалаах өйдөбүл. Цифровой харчы биир сүрүн уратыта – хас биирдии цифровой солкуобай туспа кэтэнэр кыахтаах.
Холобур, эйиэхэ баан каартатыгар 30 тыһыынча солкуобай хамнаһыҥ киирэр. Ол кэнниттэн, доҕоруҥ иэс ылбыт 10 тыһыынча солкуобайын төннөрөр. Каартаҕар киирбит 40 тыһыынча солкуобайыҥ барыта биир суума буолар, харчыгын барыыргар хамнас харчыҥ уонна төннүбүт иэһиҥ туох да уратыта суох уопсай туһаныллар.
Оттон цифровой харчы хас биирдии солкуобайа туспа “сирэйдээх”, бу уратытынан кумааҕы харчыга майгынныыр. Хас биирдии цифровой солкуобай ханна бараммытын чопчу билиэххэ сөп. Онон харчы бу көрүҥүн сүрүн өҥөтүнэн хонтуруолланар кыаҕа буолар. Маннык харчыны чопчу ыйыллыбыт сыалларга салайарга ордук табыгастаах. Холобур, тутуу тэрилтэтигэр 10 мөлүйүөн солкуобайы оскуола тутарга цифровой харчынан биэрэллэр. Өскөтүн бу харчыттан бэдэрээт ылбыт тойон бэйэтигэр “Ландкраузер” массыынаны атыыластаҕына, тута анаммыт харчы атын сыалга барбыта көстөн кэлэр. Кумааҕы харчыны кытта тэҥнээһини өссө биирдэ аҕыннахха, нүөмэрдэрэ суруллубут банкноталары туттуу кэриэтэ буолар.
Цифровой харчы өссө биир уратыта – харыстанар ньымата. Түөкүттэр сымыйа цифровой харчыны оҥорботторун туһугар “цифровой солкуобай” блокчейн ньыматынан араҥаччыланар. Бу ньыманы быһаарарга туспа улахан ыстатыйа суруллара ирдэнэр, судургутук эттэххэ – олус эрэллээх, хакердартан харыстыыр ньыма.
ХАННЫК ЭЙГЭҔЭ ӨҤӨЛӨӨХ БУОЛУОН СӨБҮЙ?
Өскөтүн “цифровой солкуобай” сүрүн уратытынан ырылхай кэтэбил эбит буоллаҕына, ханнык хайысхаҕа ордук туһалааҕа өйдөнөр. Судаарыстыба үбүлүүр, ханна бараныахтааҕа чопчу ыйыллар бырайыактарын цифровой харчынан хааччыйара ордук табыгастаах. Тутуу, өрөмүөн, тулалыыр эйгэни тупсарыы бэдэрээтигэр түспүт харчы анаммыт сыалларыгар барарын цифровой харчы хааччыйар кыахтаах. Бүддьүөт харчытын хамсааһыныгар цифровой харчы элбэх туһаны аҕалыан сөп, хоруупсуйа, бэрик бэрсии намтааһыныгар улахан сабыдыалы аҕалыан сөп. Нэһилиэнньэни кытта алтыһарга цифровой харчы эмиэ көхтөөхтүк туттуллуон сөп. Хааччахтаммыт сыаллаах төлөбүрдэри оҥоруу, холобур, Ийэ хапытаалын төлөөһүн цифровой харчынан ыытыллыан сөп. Араас бырайыактарга ананар грант эмиэ цифровой харчынан тиийдэхтэринэ, айбардааһын таһыма лаппа намтыан сөп.
Цифровой солкуобай атын харчы эргиирин кытта тэҥҥэ үлэлиэхтээх. Кэнники, саҥа харчы уопсай ахсааныгар өлүүтэ улааттаҕына, судаарыстыба инфляция таһымын намтатарыгар табыгастаах үстүрүмүөн буолуон сөп диэн сабаҕаланар.
КҮҮСТЭЭХ УОННА МӨЛТӨХ ӨРҮТТЭРЭ
Биллэн турар, маннык ыкса кэтэбил сорох “диэйэтэллэри” улаханнык хомотуон сөп. Оттон сүрүн нэһилиэнньэҕэ туох итэҕэстээх буолуон сөбүй? Этиллибитин курдук, бу баан финансовай үстүрүмүөнэ буолбатах, онон бааҥҥа ууран бырыһыан ылан дохуот киллэринэргэ анамматах харчы. Бу цифровой харчы сүрүн итэҕэһэ буолар. Ол оннугар баантан бааҥҥа көһөрүү соболоҥо суох (эбэтэр дуона суох төлөбүрдээх) буолара сабаҕаланар. Өссө биир бэрт туһалаах өрүттэниэн сөп – бэйэ бэйэни кытта интэриниэтэ суох төлөһүү. Баан туоһу быһыытынан кыттара ирдэммэт буолан, сөптөөх тэрил баар буоллаҕына, (холобур, смартфоҥҥа анал бырагыраама) куйаарга холбоммокко эрэ NFC, Bluetooth нөҥүө ылсар, бэрсэр сатаныан сөп. Цифровой харчыны түөкүннээн ылыы бэрт уустук буолар – хас биирдии солкуобай ханна хамсаабыта биллэр буоллаҕына, уоруллубут харчы ханнык сиэпкэ көспүтэ көстө сылдьар буоллаҕа.
Дьэ, ити курдук. Бу суруйбутум барыта барыллааһын аҥаардаах, илэ хамсыы илик бырайыак буоллаҕа. Дьиҥнээх олоххо хайдах үлэлиирин олох сотору көрүөхпүт турдаҕа.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…