Цифровой технология киирдэҕинэ, тутуу тэтимэ түргэтиэ

Цифровой технология киирдэҕинэ, тутуу тэтимэ түргэтиэ

10.10.2024, 13:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Тутуу хайысхатыгар бүгүҥҥү күн биир соругунан цифровой технологияны киллэрии буолар. Бу туһунан Тутуу министиэристибэтэ уонна Судаарыстыбаннай эспэртиисэ управлениета тэрийбит “Тутуу салаатыгар цифровой трансформация” кэмпириэнсийэҕэ дьүүллэстилэр.

Кэмпириэнсийэҕэ Москваттан “КПД-Проект” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Ирина Габсаматова,  “РТ-Проектные Технологии” АУо генеральнай дириэктэрэ Михаил Калужскай кыттыыны ыллылар.

Бу технология киирэрэ туох барыстааҕый, үчүгэйдээҕий?

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эппитинэн, цифровой трансформация аан дойду да, Арассыыйа да үрдүнэн туттуллар, тутууну түргэтэтэр ньыма буолар. Онон бу биһиэхэ, тутуу сезона олох кылгас дьонугар, маннык ньыма киирэрэ бары өттүнэн барыстаах.

Оттон тутуу миниистирэ Виктор Романов кэмпириэнсийэ сүрүн тиэмэтэ “Бырайыактыыр докумуону салайыы” диэн быһаарда:

“Аныгы технологияны, бырагыраамалары туһанан, дьиэни тутууга бырайыак өттүгэр тахсар сыыһалары суох оҥоруохпут. Бу кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин уопуттарын кэпсиэхтэрэ, биһиги бу информацияны сакаасчыттарга тиэрдиэхпит. Эспэртиисэни ааһарга сүрдээх элбэх сыыһа-халты баара көстөр, ону туоратарга хос-хос үлэ, бириэмэ бөҕө барар. Онон ити технологиялары туһаннахха, бырайыактар эспэртиисэни түргэнник ааһан, тутууга суһаллык киирэн иһиэ этилэр.

Күн бүгүн тутуу эйгэтигэр боруобалаан, информационнай моделлааһын технологията туһаныллар. 3D моделынан дьиэни аанын тутааҕар диэри көрөн олороҕун. Ханан уу, уот, ититэр ситимнэр ааһаллара барыта көстөр. Биһиэхэ ити ситимнэри ардыгар тус-туспа дьон оҥороллор, сыыһа-халты оҥоруу да тахсар. Оттон анал технология киирдэҕинэ, итини барытын ыйан, көннөрөн биэриэ. Аны дьиэ тутаргар бу истиэнэ бөтүөн, бу истиэнэ блок, бачча түннүктээх диэтэххэ, сыанатын объемун бырагыраама бэйэтэ ааҕан таһаарар. Санкциялар биллэриллэн, цифровизацияҕа эрдэ көһүөхтээхпит арыый уһаан биэрдэ, билигин Арассыыйа хампаанньалара итиннэ маарынныр күөн күрэстэһэр бородууксуйалары оҥорон эрэллэр. Онон бэйэбит дойдубут оҥорбут технологиятын сотору туһаныахпыт диэн эрэллээхпит”.

Кырдьык, Саха сирин курдук тутуу болдьоҕо кылгас сиригэр маннык аныгы технология киириитэ бары өттүнэн барыстаах буолсу.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: