«Цифровой алмаз»: Саха киинэтин тас эрэгийиэннэргэ хайдах таһаарабыт?

Share

Цифровой алмаз” пуорум чэрчитинэн, Саха сиригэр баар сүүрээннэр тыын кыһалҕаларыгар быһаарыы көрдөөһүн үлэтэ ыытыллар. Пуорум биир сүрүн хайысхата “Цифровой контент” трек диэн ааттанар.

Манна бүгүн олохтоох киинэни уонна анимацияны эрэгийиэн таһыгар таһаарыы боппуруостарыгар хоруй көрдүүр үлэ ыытылынна. “Эрэгийиэн киинэтэ: хайдах сайыннарарбыт уонна экспортка таһаарабыт?” диэн ааттаах стратегическай сиэссийэ бэрт сонуннук саҥа форматынан ыытылынна. “Үлэ кыбаартала” кластер  лекторийыгар мустубут ыалдьыттар үс бөлөххө хайдыһан, тута стратегиялары бэлэмнээтилэр, көмүскээтилэр.

Сессия салайааччыта Майя Курнева Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ

Тэрээһин салайааччыта, «Open» идэтийбит компетенциялар уонна квалификациялар институтун дириэктэрэ Майя Курнева бу үлэ туһунан маннык быһаарар:

—Бу үлэ, бастатан туран, Саха сирин киинэтин биир ордук сытыытык турар боппуруоһун – киинэни тас эригийиэннэргэ ситиһиилээхтик таһаарыыны хайдах сайыннарыахха сөбүн ырытыы тула ыытыллар. Бу формат “форсайт сиэссийэ” диэн аатырар, билгэлээһиннэри оҥорууга олоҕурар. Бөлөхтөр бастаан аныгы кэмҥэ баар ньымаларын түмэр, онтон эрэгийиэн бу билиилэри туһанан бэйэ бородууксуйатын тас таһаарыыга хайдах көмөлөһүөхтэрин сөбүн билгэлээн стратегия таҥаллар. Иккис түһүмэххэ мэһэйдэри туоратыы ньымаларын өйдөөһүн үлэтэ барыа. Уопсай үлэ түмүгүнэн, үс былаан таҥыллыахтаах. Бөлөхтөр бэйэ бэйэлэрин кытта күрэхтэспэттэр, бары биир соругу ситиһэргэ үлэлииллэр.

Кыттааччылар алталыы-сэттэлии киһи буолан түмсэн үлэлээтилэр. Бөлөхтөргө билигин Саха киинэтигэр үлэлии сылдьар дьону кытта Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн  кэлбит исписэлиистэр кытыннылар. Кинилэр истэригэр продюсер Сардаана Саввина, режиссердар Никандр Федоров, Дмитрий Кольцов, Алексей Романов, оператор Иван Семенов бааллар.

Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

48 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago