Цииркэ – креативнай индустрия көрүҥэ
Бу күннэргэ Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Судаарыстыбаннай цииркэ аренатыгар VII «МАМОНТёнок-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы цииркэ бэстибээлэ «Азия оҕолорун» култуурунай бырагырааматын чэрчитинэн ыытылынна.
Бэстибээлгэ Беларусь, Казахстан, Таджикистан, Кытай, Монголия, Вьетнам, Татарстан, Арассыыйа цииркэлэрэ кытта сылдьаллар. Дьүүллүүр сүбэ 10 чилиэнэ, 50-тан тахса артыыс кэлэн кытыннылар.
Бэстибээл Дьокуускай куорат пааркатыгар кавалькадаттан саҕаланна. Дьэрэкээн көстүүмнээх артыыстар, жонглердар, клоуннар, акробаттар, дрессировкаламмыт кыыллар пааркаҕа сэлэлии хаамтылар. Түмүгэр, мустубут оҕолорго нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр. Оҕолор, төрөппүттэр олус астынан, сэргээн көрдүлэр. Чахчыта, Оҕо саас сылыгар кинилэргэ биир бэртээхэй бэлэх бу буоллаҕа.
Бэс ыйын 28 күнүгэр цииркэҕэ бэстибээл аһыллыытыгар «Земля мамонта» диэн аатырбыт этно-шоуну көрдөрдүлэр. Күн аайы гала-кэнсиэр буолла. Аны акробаттар Таалай күөл үрдүнэн тардыллыбыт канаатынан хаамаллара эмиэ элбэх дьон интэриэһин тарта.
Сибээстэри кэҥэтии – сайдыы суола
Бэстибээл чэрчитинэн, «Пути расширения международных связей в области цирковой индустрии» диэн пуорум буолла. Манна ыалдьыттар — Беларусь, Таджикистан, Кытай, Болгария, Монголия, Татарстан, Бурятия, Москва, Курган цииркэлэрин салайааччылара, артыыстара кытыннылар.
Афанасий Ноев, СӨ култуураҕа, духуобунай сайдыыга миниистирэ:
— Бэстибээлгэ норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар кыайыылаахтара, талааннаах, чаҕылхай артыыстар кытталлар. Кинилэр цииркэ ускуустубатын араас көрүҥнэригэр: акробатикаҕа, салгын гимнастикатыгар, жонглердааһыҥҥа уонна эквилибристика, бөлөҕүнэн вольтиж, перш, о.д.а. көрүҥнэргэ нүөмэрдэри көрдөрүөхтэрэ. Онон хаһан да көрө илик нүөмэрдэргитин көрүөххүт, — диэн эттэ.
— 30 сылбытыгар Саха цииркэтэ аан дойдутааҕы эйгэҕэ киирдэ, аатын ааттатта диэххэ наада. Биһигини билэллэр, күүтэллэр. Европа уонна хотугу этническэй үгэстэри холбообут буолан, туспа, ураты суоллаах. Аан дойдуга култуура эйгэтигэр Саха сирин брендэ буолла диэтэххэ, сыыспаппыт. Ол да иһин үгүстэр «этнокультурный феномен» диэн ааттыыллар, — диэн Саха цииркэтин дириэктэрэ Сергей Расторгуев кэпсээтэ.
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтун киинин салайааччы, устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Романова тоҕо «феномен» диэн ааттаммытын ырытта.
Түҥ былыргы үһүйээннэргэ, фольклорга олоҕурбут, ханна да суох култуураны көрдөрөр уонна аныгы тиэхиникэлэри баһылаабыт буолан, ханна да тиийдэр, интэриэһи тардар. Бу былыргы үгэстэри уонна аныгылыы инновацияны холбообут креативнай индустрия көрүҥэ буолар диэн быһаарда.
Чахчыта, быйыл Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар Сергей Расторгуев туруоруутугар олоҥхо уонна цииркэ ускуустубата силбэспитэ ураты көстүү этэ. Бэрт тэтимнээх, сэргэх, аныгылыы көрдөрүү буолбута, дьон астыммыта.
Аан дойду бастыҥ нүөмэрдэрин көрөр кыах баар
Бэстибээл – бу нүөмэрдэри көрүү эрэ буолбатах, уопуту атастаһыы, бэйэ кыаҕын кэҥэтии, саҥа билсиһиилэр, омук артыыстарын кытта өр сыллаах доҕордуу сыһыаны олохтооһун. Ол иһин бэстибээлгэ алтыһыы цииркэ инники сайдыытыгар дьайар.
Цииркэ ускуустубатын тарҕатарга »МАМОНТенок» бэстибээл оруола улахан. Аҕыйах күн иһигэр Саха сирин олохтоохторо аан дойдутааҕы цииркэ ускуустубатын үрдүк ситиһиилэрин, бастыҥ нүөмэрдэрин көрөр кыахтаналлар.
Онон Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэрийэр, култууратын сайыннарар цииркэ судаарыстыбаттан өйөнүллүөхтээх. Саха сирэ бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх цииркэлээх, ону эмиэ киинэ индустриятын курдук, өйүөхтээхтэр.
«Цииркэлэр доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара»
Владимир Шабан, Беларусь судаарыстыбаннай цииркэтин генеральнай дириэктэрэ:
– Цииркэ ураты ускуустубата норуоттары сомоҕолуур, култууралары байытар, саҥа саҕахтары кэҥэтэр кыахтаах. Биһиги цииркэлэрбит бииргэ үлэлэһэр эрэ буолбатахтар, өр сылларга дьиҥнээхтик доҕордоһобут. Минскэйгэ «Тепло вечной мерзлоты» уонна «Земля Мамонта» этно-испэктээкиллэр олус ситиһиилээхтик ааспыттара. Беларусь көрөөччүтэ саамай хотугу цииркэ ураты бырагырааматын олус үчүгэйдик ылыммыта, астыммыта, ол биһиги доҕордоһуубутун өссө бөҕөргөтөр.
Гао Юе, Кытай продюсера:
– Саха цииркэтин кытта 2006 сылтан бииргэ үлэлэһэбит. Судаарыстыбаннай сибээстэри бөҕөргөтөргө, ханнык баҕарар киһиэхэ өйдөнөр, маассабай ускуустуба буоларынан, маннык бэстибээл улахан суолталаах. Күһүн «Земля Мамонта» этно-шоуну гостуруолга ыҥырабыт. Маны тэҥэ, оҕолору Кытайга үөрэтии салҕаныаҕа.
Тудуп Батуев, Бурятия судаарыстыбаннай цииркэтин дириэктэрэ:
– Икки ыаллыы өрөспүүбүлүкэ цииркэлэрин доҕордоһуута үйэ чиэппэрин устата салҕанар. Биһиги «МАМОНТенокка» аан бастаан ыытыллыаҕыттан кыттабыт. Чугас олорорбут да быһыытынан, инникитин хардарыта гостуруол баара буоллар дии саныыбын.
Бриллиантовай цииркэ ситиһиилэрэ
2003 сыллаахха саха акробаттара Монте-Карло (Монако) уонна Латина (Италия) аатырбыт бэстибээллэригэр үрүҥ көмүс бирииһи ылбыттара. Бу аан дойдуга бастакы билинии этэ. Эһиилигэр аан бастакы «МАМОНТенок» бэстибээл ыытыллыбыта, онно диаболону эргитэр жонглер кыргыттар кыайан, Москваҕа Никулин цииркэтигэр ыҥырыллан, аан дойдутааҕы бэстибээлгэ үрүҥ көмүһү ылбыттара.
Былырыын Саха цииркэтэ «Земля Мамонта» этно-бырайыагынан алта ыйы быһа Орто Азия куораттарынан гостуруоллаабыта. Астанаҕа аатырбыт «Эхо Азии» бэстибээлгэ СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Посельскэй салайааччылаах акробаттар «Летающие мачты» нүөмэрдэрэ боруонса мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Роман Романов салайааччылаах жонглердар триолара «Almaty Circus Festival» кыһыл көмүс мэтээлин ылбыта. Быйыл артыыстар Казахстаҥҥа эмиэ ыҥырылыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: