Циклон ардаҕы аҕалла, тыал буруону төннөрүө
Бүгүн сорох улуустарга баһаар буруота сүппүт курдук буолла, тыынарга чэпчээтэ. Ол гынан баран нэдиэлэ бүтүүтэ, тыал хайысхатын уларытыытынан, Дьокуускай куораты ойуур баһаардарын буруота эмиэ бүрүйүөн сөп диэн эттэ брифиҥҥэ Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа начаалынньыгын солбуйааччы Татьяна Маршалик.
Бүгүн тыал хотугулуу уонна хотугулуу-арҕаа үрэрэ бэлиэтэнэр, ол эрээри аҕыйах хонугунан соҕуруулуу-илин хайысхатын уларытара сабаҕаланар. Тыал хайысхатын уларыттаҕына Уус Маайа оройуонуттан, Хабаровскай кыраайтан уонна Амур уобалаһыттан буруону аҕалыан сөп.
«Эрдэ эппиппит курдук, тыал хотугулуу уонна хотугулуу-арҕаа үрэн буруо намыраан сүтэ быһыытыйда. Чугастааҕы кэмҥэ биһиги өссө хотугулуу-арҕааттан тыалы күүтэбит, салгыы хотугулуу-илин, оттон бээтинсэ диэки эмиэ соҕуруулуу-илин диэки хайыһыаҕа. Онон буруо кэлиитэ соҕуруулуу-илин баһаар балаһыанньата хайдаҕыттан тутулуктаах буолуо. Ардах сүнньүнэн Хабаровскай кыраайга түспүтэ, ол баһаары умуруорбута буолуо диэн эрэнэбит», – диэтэ Татьяна Маршалик.
Кини этэринэн, чугастааҕы сууккаҕа ардахтаах тымныы күннэри аҕалбыт циклон, өссө даҕаны тура түһүөҕэ. Циклон илин эҥэр улуустарга ордук дьайыаҕа.
«Ааспыт сууккаҕа үчүгэй ардахтар Уус Маайа, Хаҥалас уонна илин эҥэр улуустарыгар түстүлэр. Оттон дохсун ардах Сунтаар улууһугар түһэн ааста. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар ардахтар түстүлэр. Арай Халыма-Индигир оройуоннарыгар эрэ түспэтэ, онно 24-29 кыраадыска тиийэ итии, кураан күннэр тураллар. Чугастааҕы күҥҥэ Дьокуускай куоракка кыра сөҥүү түһэрин кэтэһэбит. Атын улуустарга быстах ардахтар түһүөхтэрэ. Дохсун этиҥнээх ардахтар Томпо уонна Өймөкөөн улуустарыгар түһүөхтэрэ. Биллэн турар, этиҥнээх ардах кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ, салгын температурата намтыаҕа», — диэн кини быһаарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: