Цыганнар дьиэ кэргэттэрэ тэрээһини олус киэргэттилэр (видео)
Арассыыйаҕа Ийэ күнүн көрсө национальнай-култуурунай түмсүүлэр норуоттар икки ардыларынааҕы иккис пуорумнарыгар араас омук ийэлэрин сомоҕолоһуулара, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэрэ чаҕылхайдык көһүннэ.
Ол курдук, остуолларын тардар кэмнэригэр кимиэхэ туох тиийбэтэҕэр ылсан-бэрсэн, астарын бүлүүдэлэриттэн амсайан, ийэлэр ханна баҕарар, хаһан баҕарар истиҥ сыһыаннаахтара көһүннэ.
Дьокуускай куоракка олохсуйбут цыган ыала Михайловтар-Макаровтар дьиэ кэргэн сандалыларын аһа баайа үгүс киһи болҕомтотун тарта. Ыал ийэтэ пуорумҥа кытта сылдьар буолан, миигин кытта оҕолор кэпсэттилэр. Кинилэр национальнай астарын маннык билиһиннэрдилэр:
Сотору буолан баран, пуорум түмүктэнэн, ийэлэрэ Нина Степановна улахан кыыһынаан, оҕолор ийэлэринээн тиийэн кэллилэр. Чочумча буолан баран, кинилэри сыанаҕа ыҥырдылар. Ити аата араас омук дьоно, аны, бэйэлэрин омуктарын култуураларын билиһиннэриилэрэ саҕаланна.
Кэпсэтэ турбут дьонум кыралыын-улаханныын үҥкүүгэ киирэн, сыананы соҕотохто ылан кэбистилэр. Көрүөххэ үчүгэйэ!
Ыал ийэтэ, тапталлаах эбэтэ Нина Михайловна кэргэнинээн иккиэ бэйэлэрэ 60-ча киһи буола тэнийбиттэр. Дьиэ кэргэнин туһунан сэһэргэһээччим маннык билиһиннэрдэ:
Михайловтар дьиэ кэргэттэрэ пуорумҥа көхтөөтүк кыттан, тэрээһини олус киэргэттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: