Дьаамаҕа түспүт киһини быыһаатылар

Share

Мииринэй оройуонугар полиция отделын патрульнай-постовой сулууспатын үлэһиттэрэ старшай сержант Мурат Абдуллаев уонна младшай сержант Рашид Шугушхов дириҥ дьаамаҕа түспүт киһини быыһаатылар.

Дьаамаҕа түспүт киһи, таһырдьа 40 кыраадыс тымныыга өр сытан, атахтарын  уонна тарбахтарын үлүппүт.
Мииринэй куоракка баар Газовиктар микрооройуоннарыгар киһи көмөҕө ыҥырар хаһыыта иһиллэрин туһунан иһитиннэрии полицияҕа сарсыарда 4 ч. саҕана киирбит. Суһал дьуһуурунай онно полициялары тута ыыппыт. Полициялар тиийэн, бэйэтэ кыайан тахсар кыаҕа суох, илиитэ дэлби тоҥон иһэлийбит киһини хостоон таһаарбыттар.
Мурат Абдуллаев уонна Рашид Шугушхов киһилэрин илиитин уонна атаҕын дэлби имиппиттэр, илбийбиттэр. Ол кэннэ Дьуһуурунай чааска биллэрэн бараннар, суһал көмөнү  ыҥырбыттар.
Кэлин быһаарбыттарынан, эр киһи дьиэтигэр төннөн иһэн, суолун кылгатаары быһа барбыт уонна  дириҥ дьаама баарын көрбөккө, онно түспүт. Билигин кини балыыһаҕа сөптөөх эмтэниини ылар. Эмсэҕэлээччи кэргэнэ полиция үлэһиттэригэр улахан махталын биллэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

9 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago