Саха сирин устуоруйатыгар дьаамсыктар култууралара дьоһун суолталаах.
— Бу сылтан мин дьаамсык култууратын биэс сылын өрөспүүбүлүкэ түөрт оройуонугар биллэрдим — Уус Маайаҕа, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Хаҥалас оройуоннарыгар. Бүгүн дьаамсык култууратын уонна устуоруйатын «Исток» мусуойугар бу үтүө дьону кытта көрүстүм, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа суруйда.
Үөдэй сэлиэнньэтин мусуойа энтузиаст Галина Степановна Макарова ыыппыт сүҥкэн чинчийэр үлэтин түмүгэр арыллыбыта. «Кини миэхэ түмэл сэдэх экспонаттарын көрдөрдө, олор истэригэр Екатерина ыраахтааҕы кэминээҕи сыарҕалар, буоста ыстаансыйатын ыстарсынаатын мэтээлэ, дьаамсык хормуоскатын бүтүн кэлиэксийэтэ.
Ааспыт кэм, дьон, кинилэр олохторун туһунан өйдөбүнньүгү илдьэ сылдьыы — түмэл сыала итинник. Түмэл үлэһиттэригэр уонна Галина Степановнаҕа истиҥник махтанабын кинилэр таһаарыылаах үлэлэрин иһин», — диэн Айсен Николаев суруйда.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038