Салгыы
Дьааҥы Адыаччытыгар 70-с сыллардааҕы пионердар көрсүһүү тэрийдилэр

Дьааҥы Адыаччытыгар 70-с сыллардааҕы пионердар көрсүһүү тэрийдилэр

05.04.2024, 20:10
Хаартыска -- Розалия Слепцова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй бириэмэ саҕана муус устарга пионерскай үлэ саамай күөстүү оргуйар кэмэ этэ.

Араас пионерскай сбордар, бастыҥ үөрэхтээхтэр, актыбыыстар сүлүөттэрэ, тимуровскай субуотунньуктар, агитбиригээдэлэр сырыылара, быһата, сааскы кэми туһанан оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии күүһүрэрэ. Ол дьоллоох оҕо саас кэмин санатан,  бу күннэргэ  Саха сиригэр Пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан «Пионер кэммитин санаан…» диэн тиэмэлээх көрсүһүү Дьааҥы улууһун  Адыаччы нэһилиэгин “Арчы” дьиэтигэр буолан ааста.

Бу тэрээһин туһунан Арыылаах орто оскуолатын учуутала, улуустааҕы “Дьааҥы аартыга” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Розалия Слепцова маннык кэпсээтэ:

70-с сыллардааҕы пионердар көрсүһүүлэрин «Алгыс» кэллиэксийэниэрдэр түмсүүлэрэ тэрийдэ. Манна «Пионерия 100 сыла» диэн тиэмэҕэ оччотооҥҥу пионердар кэриэс гына уура сылдьар күндү малларын мунньан, уопсай быыстапкаҕа туруордулар. Манна буолла дьиҥнээх оҕо саастыын умнуллубат көрсүһүү. 

Онтон оҕо саас дьоллоох кэмнэрин ахтыһыы буолла. Кэлиҥҥи сылларга тахсыбыт пионерскай үйэтитии-бэлиэлэри, дастыбырыанньалары туттардылар.

Бу бэртээхэй түгэни “Дьааҥы кэллиэксийэниэрдэрэ” түмсүү салайааччыта Тапталлаана Слепцова сүүрэн-көтөн биир дойдулаахтарыгар бэлэх уунна.

Кини бэрт эрдэттэн анал бэлиэлэри, дастабырыанньалары сакаастаан, Дьааҥыга тиийэ аҕалтаран, Адыаччы 70-с сыллаах пионердарыгар оҕо саастарын умнуллубат кэмин төнүннэрэн, сүргэлэрин көтөҕөн, махтал тылын истиҥин иһиттэ.  

Үһүс түһүмэх — «Кини кимий?»  диэн оҕо саас кэминээҕи хаартыскаларынан таайбараҥ-оонньуу. Төрдүс түһүмэх —  70-с сыллардааҕы обургу оҕолор киэн туттар дьоруой пионердара Сима Сергеев  хорсун быһыытын туһунан дорҕоонноохтук ааҕыы. Тэрээһин чэйдии олорон  пионерскай ырыалары ыллааһынынан түмүктэннэ.  

Ити курдук, Адыаччы пионердара күн бүгүҥҥэ диэри үлэ буоллун, үөрүү буоллун, урукку сэбиэскэй кэминээҕи “Бэлэм буол!”- “Өрүү бэлэммин!” девизтэрин инники күөҥҥэ тута сылдьаллар. Бу бэртээхэй тэрээһин туһунан Адыаччы нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Любовь Горохова миигин кытта үөрүүтүн үллэстибитин, биэнсийэлээх урукку пионердарга уопут атастаһыытын курдук буоллун, атын да улуустарга, нэһилиэктэргэ  тэрийдиннэр диэн билиһиннэрдим.

… Ити курдук, билиҥҥи уустук кэмҥэ хаһан да төннүбэттии ааспыт оҕо саас, устудьуон кэминээҕи эдэр саас, урут үлэлээбит кэллиэгэлэрдиин көрсүһүүлэр күннээҕи олохпутун киэргэтэллэрин, дириҥ ис хоһооннуулларын өйдөөн туран, үгүстүк маннык кэрэ, сырдык түгэннэри бэйэ- бэйэбитигэр бэлэхтиэҕиҥ.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: