Дьааҥы улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит 4 тыһ. кэриҥэ киһи көмө харчыны ылыаҕа
Дьааҥы улууһугар бу сайын үрэхтэр эмискэ халааннааннар нэһилиэнньэлээх пууннары ылбыттара. Билиҥҥи туругунан улуус социальнай эбийиэктэрэ барыта чөлүгэр түһэрилиннилэр.
Ону тэҥэ, алтынньы 10 күнүгэр диэри Дьааҥы улууһун муниципальнай тэриллиилэрин дьаһалталара олохтоохторго матырыйаалынай көмө харчытын барытын төлүөхтэрэ. Бу үбүн СӨ бырабыыталыстыбата толору көрбүтэ. Бу туһунан бүгүн 1-кы вице-премьер Дмитрий Садовников бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү туругунан Дьааҥы улууһун 3700 олохтооҕо көмө харчыны тутан олорор. Бэрэбиэркэ ыытыллыбытын кэнниттэн улуус үрдүнэн барыта 4656 киһи тустаах көмөнү ылыаҕа. Ону тэҥэ, Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан ууттан эмсэҕэлээбит дьиэлэр бастакы этээстэрин өрөмүөннээһиҥҥэ анаан эбии үп көрүллүбүтэ. Ол курдук, алтынньы 5 күнүнээҕи туругунан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорор 259 киһи тустаах көмөнү ылбыт.
Хаартыска — СИА-тан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: