Дьааҥы улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга көмөлөһөллөр

Share

Бүгүн, от ыйын 23  күнүнээҕи туругунан, Дьааҥы улууһун сиригэр уотугар ойуур баһаардарынан балаһыанньа уустук.

Улуус ыстааба тэрилтэлэртэн, сулууспалартан биирдии-иккилии киһинэн хомуйан бары кыаҕынан үлэлиир. Токумаҕа олохтоох нэһилиэнньэттэн уоту умуруорууга үлэлии сылдьар 18 киһиэхэ эбии 12 киһи тиийэр. «Дороги Арктики» икки булдьозера үлэлиир. «Якутлесресурс», «Служба спасения» тиэхиньикэлэр хомуллаллар. Токума чугаһыгар баар ойуур баһаарын бохсууга 30  киһи үлэлиэҕэ.

Эҥэ нэһилиэгин сиригэр-уотугар эмиэ балаһыанньа тыҥааһыннаах. Баһаары бохсууга от ыйын 22 күнүттэн «Авиалесоохрана» 26 үлэһитэ уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 10  киһи үлэлииллэр. Бэҕэһээ, от ыйын 22  күнүгэр, үлэни күүһүрдэргэ Сайдыыга көтөргө Баатаҕайтан 9  киһи туруммут.

От ыйын 22  күнүгэр ойуур баһаардарынан видеосибээһинэн Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах мунньах буолбута. Атын улуустары сэргэ, Дьааҥы улууһун баһылыгын М.В.Иванов дакылаатын эмиэ истибиттэрэ.  Кини миэстэтигэр балаһыанньаны, улуус ыстаабын ылар миэрэлэрин туһунан кэпсээбитэ уонна көмө көрдөөбүтэ. Маныаха Ил Дархан А.С.Николаев өрөспүүбүлүкэ ыстаабыгар Дьааҥыга «Авиалесоохрана» бөлөҕүн күүһүрдэргэ, дьону биэрэргэ соруйбута.

Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев хоту улуустарга дьон-сэргэ аҕыйаҕын уонна тиэхиньикэни илдьэр уустугун, кыаллыбатын учуоттуур наадатын бэлиэтээбитэ. Онон хоту улуустарга дьону эбии көмөҕө ыытар наадата ыйыллыбыта. Ил Дархан кыттыылаах ВКС мунньаҕын түмүгүнэн, Дьааҥы улууһугар көмөҕө 20 киһи көтөргө бэлэм.

Дьааҥы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары «яконтракт14.рф» саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Оҕолор ыстаадаттан сөмөлүөтүнэн кэллилэр

Саҥа үөрэх дьылын көрсө, атырдьах ыйын 27 күнүгэр, «Анаабыр алмаастара» АУо көмөтүнэн, табаһыттар оҕолорун  Булуҥ…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халабыр иһин эр киһи сууттанна

Дьокуускай куорат борокуратуурата Усуйаана улууһун 27 саастаах олохтооҕор тэриллибит холобуонай дьыалаҕа буруйдааһыны өйөөтө. Кини халабыр…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Стажировкалар өрөспүүбүлүкэ туһугар үлэҕэ көмөлөһөллөр

"Улахан тэрилтэлэр уонна  судаарыстыбаннай былаас уорганнарын үлэлэрин билсии инникитин өрөспүүбүлүкэни  салайыахтаах дьону үөрэтиигэ дьоһуннаах хардыынан…

57 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйа Дьоруойа  Николай Соболев байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытары көрүстэ

Чурапчы улууһугар “Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда Саха сиринээҕи салаатын социальнай сүрүннээччитин  көҕүлээһининэн Арассыыйа Дьоруойа, батальон хамандыыра,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Атырдьах ыйын 25 күнэ. Дойду РФ  Бэрэсидьиэнэ Владимирович Путин ыйааҕынан Саха сириттэн  Герман Степанович уонна…

2 часа ago