Дьааҥы ытык олохтооҕо Христина Чукрова Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр 80 сааһын туолла
Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьааҥы оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ Христина Чукрова өрөгөйдөөх 80 сааһын туолла.
Ийэтин Христина Иннокентьевна туһунан кини уола, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Дмитрий Колесов маннык кэпсиир:
— Ийэбит Христина Иннокентьевна Колесова «СӨ Дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайдыытын» уонна «СӨ Арктика сайдыытын иһин» анал бэлиэлэр хаһаайыннара. Кини Дьааҥы улууһун уонна Дулҕалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Аҕыс оҕолоох этэ, билигин алтыабыт. Элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ. Күндү киһибит кырдьар сааһы билиммэт, билигин да олоххо көхтөөх. Биһиэхэ, оҕолоругар эрэ буолбакка, нэһилиэгин дьонугар сүбэ-ама биэрэр, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэр амарах эйгэлээх киһи.
Ийэбит барахсан төрөөбүт Дулҕалааҕа сайдарын туһугар үөлээннээхтэрин кытта төһөлөөх сыратын ууран үлэлээбитэ буолуой? Кини үйэтин тухары сопхуоска ыанньыксыттаабыта. Ол да иһин киниэхэ «СӨ Арктика сайдыытын иһин» анал бэлиэ ананнаҕа. Ийэбит Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр төрөөбүтүнэн олуһун киэн туттар. Буолумуна, төрөөбүт Сахатын сирэ сайдарыгар олоҕун барытын анаабыт, элбэх оҕону төрөтөн, норуот бары хаһаайыстыбатын салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар дьону иитэн таһаарбыт киһи — кини.
Ийэбитигэр Христина Иннокентьевнаҕа дьаҥҥа-дьаһахха бэриммэт кытаанах доруобуйаны, оҕолорун уонна сиэннэрин ситиһиилэринэн сылаастык угуттанан, бу к8н сиригэр дьоллоохтук сылдьарыгар баҕарабыт.
Айыыһытыҥ өрүү арыаллыы, арчылыы, айхалыы, араҥаччылыы сырыттын, күндү киһибит! Дом!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: