Дьааҥы ытык олохтооҕо Христина Чукрова Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр 80 сааһын туолла

Share

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьааҥы оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ Христина Чукрова өрөгөйдөөх 80 сааһын туолла. 

Ийэтин Христина Иннокентьевна туһунан кини уола,  СӨ үөрэҕириитин туйгуна Дмитрий Колесов маннык кэпсиир:

Ийэбит Христина Иннокентьевна Колесова «СӨ Дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайдыытын»  уонна «СӨ Арктика сайдыытын иһин» анал бэлиэлэр хаһаайыннара. Кини Дьааҥы улууһун уонна Дулҕалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Аҕыс оҕолоох этэ, билигин алтыабыт. Элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ. Күндү киһибит кырдьар сааһы билиммэт, билигин да олоххо көхтөөх. Биһиэхэ, оҕолоругар эрэ буолбакка, нэһилиэгин дьонугар сүбэ-ама биэрэр, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэр амарах эйгэлээх киһи. 

Ийэбит барахсан төрөөбүт Дулҕалааҕа сайдарын туһугар үөлээннээхтэрин кытта төһөлөөх сыратын ууран үлэлээбитэ буолуой? Кини үйэтин тухары сопхуоска ыанньыксыттаабыта.  Ол да иһин киниэхэ «СӨ Арктика сайдыытын иһин» анал бэлиэ ананнаҕа. Ийэбит Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр төрөөбүтүнэн олуһун киэн туттар. Буолумуна, төрөөбүт Сахатын сирэ сайдарыгар олоҕун барытын анаабыт, элбэх оҕону төрөтөн, норуот бары хаһаайыстыбатын салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар дьону иитэн таһаарбыт киһи — кини. 


Ийэбитигэр Христина Иннокентьевнаҕа  дьаҥҥа-дьаһахха бэриммэт кытаанах доруобуйаны, оҕолорун уонна сиэннэрин ситиһиилэринэн сылаастык угуттанан, бу к8н сиригэр дьоллоохтук сылдьарыгар баҕарабыт. 
Айыыһытыҥ өрүү арыаллыы, арчылыы, айхалыы, араҥаччылыы сырыттын, күндү киһибит! Дом!

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago