“Дьааҥыга буолара үчүгэй”

“Дьааҥыга буолара үчүгэй”

05.04.2024, 15:30
Хаартыска: СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Сылгыһыт күнүгэр анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ Дьааҥы улууһугар бастыҥ сылгыһыттар түмүстүлэр. Сарсын “Сылгыһыт күрэҕэ” ыытыллыаҕа. Онон хамаандалар кэлэн, хайы-үйэ бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Бу тэрээһин туһунан Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Стручков санаатын маннык үллэһиннэ:

— Дьааҥыга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин буоларыттан бары да астынан олоробут.  Бу тэрээһин улууспутугар сылгы иитиитин сайыннарыыга төһүү буолуоҕа.  Суордаахха Дмитрий Горохов 118 сыспай сиэллээҕи иитэр. Кини оройуоҥҥа бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбаларын ортотугар саамай элбэх сылгылааҕынан биллэр. Сылгы баазатын оҥорор баҕалаах. Онон СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров уонна тустаах исписэлиистэр кэлбиттэринэн бу боппуруоһу мунньахха көтөҕүөхпүт. Сарсын Хоптолоох диэн сиргэ ыытыллар күрэхтэһии үгүс сэҥээрээччини түмүөҕэ. Биһиги нэһилиэктэн быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр атыыр сылгыларгытын атастаһар буоллаххытына, дьаһалта өттүттэн тиэйиитигэр көмөлөһүөхпүт диэбиппит даҕаны, ким да кыттыам диэбэтэ. Тоҕо диэтэххэ, сорохтор былырыын атастаспыттара.  Тыа хаһаайыстыбатын тиэмэтигэр таарыйа аҕыннахха. Саккырыыртан 24 саха ынаҕын атыылаһаары дуогабардаһа сылдьабыт.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: