Салгыы
Дьааҥыга «көһө сылдьар балыыһаны» олохтоохтор бэркэ сэргээтилэр

Дьааҥыга «көһө сылдьар балыыһаны» олохтоохтор бэркэ сэргээтилэр

15.11.2023, 19:42
Хаартыска -- СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Толору мэдиссиинэ комплекстаах көһө сылдьар КамАЗ массыына базалаах Дьааҥы улууһун киин балыыһатын быраастара быйыл 3,7 тыһыынча улуус олохтоохторун доруобуйаларын туругун көрдүлэр.

Анал мэдиссиинэ көлөтө «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн дьааҥыларга кэлбитэ.  Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа  Владимир Докторов иһитиннэрбитинэн, быраастар бөлөхтөрө улуус саамай ыраах сытар нэһилиэктэрин олохтоохторун доруобуйаларын туругун көрдө. Маны таһынан, улуустааҕы ОДьКХ уонна «Сахаэнерго» курдук бөдөҥ тэрилтэлэр үлэһиттэрэ доруобуйаларын бэрэбиэркэлэннилэр.  Көһө сылдьар комплекс көмөтүнэн  685 киһини көрдүлэр. Эмчиттэр 1 054 араас ыарыыны чинчийдилэр.  Массыына иһигэр хаан баттааһынын, сүрэххэ —  ЭКГ-ны, спирографка тыҥаны бэрэбиэркэлэтиэххэ, холестерин, саахар, онкоцитология анаалыстарын туттарыахха сөп.

Маннык «КамАЗ» баазатыгар оҥоһуллубут  көһө сылдьар комплекс Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Нам, Ньурба, Сунтаар, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Томпо улуустарыгар эмиэ анаммыттара.

Бу туһунан СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата сырдатта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: