Дьааҥыга патриоттар пуорумнарыгар хоһоон куонкуруһа буолла

Share

Бу күннэргэ Дьааны улууһугар оройуоннааҕы патриотическай пуорум буолан ааста.

Суолталаах тэрээһин чэрчитинэн «Хоһоонунан дьоруойдары уруйдуубун» диэн куонкурус дьон болҕомтотун тарта. Бу туһунан Баатаҕайдааҕы алын сүһүөх кылаас учуутала Анна Стручкова маннык сырдатта:

«Улуус бары нэһилиэктэриттэн кэлбит 23 кыттааччы  ис дууһаларыттан иэйэн туран ааҕаннар, барыбытын долгуттулар. 

Кыайыылаахтарынан буоллулар: 1 миэстэ — Арыылаахтан култуура үлэһитэ Олег Домнин. Кини  «В землянке» хоһоону аахта. 2 миэстэни Нина Тихонова «Баллада о матери» ааҕан ылла. Үһүс миэстэ Полина Домнина буолла. Кини «Зоя» хоһоону аахта.

Хамаанданан түмүккэ Арыылаах нэһилиэгэ бастаата. Иккискэ — остуолбалар, үһүскэ — Янскай нэһилиэгэ. Дьоммут өрүү маннык түмсүүлээх буолан, Улуу Кыайыы 80  сыллаах үбүлүөйүн бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар,  онтон олус үөрэбит. Бу тэрээһини  бэлэмнээн ыыппыт көхтөөх дьоммутугар, бэтэрээннэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Бүгүҥҥүттэн үөрэх эйгэтигэр анал бириэмийэлэргэ күрэс саҕаланна

“РНГ” АУо үбүгэр үөрэх эйгэтигэр педагогтар ортолоругар сыллата ыытыллар анал бириэмийэлэргэ  күрэс саҕаланна. Күрэһи “СӨ…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

1100-тэн тахса устудьуон үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар

1182  үрдэтиллибит истипиэндьийэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар олохтоммут. Бу туһунан СӨ үөрэх миниистирин солбуйааччы Степан…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Балыктаахха эдэр учууталлар уонна настаабынньыктар өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээрдэрэ буолла

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах орто оскуолатыгар «Настаабынньык эдэр педагогтардыын айымньылаах үлэтин тиһигэ» диэн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Мобильнай хирурдар Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиэхтэрэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа - мэдиссиинэ суһал көмөтүн оҥорор киин Үөһээ Бүлүүгэ улуус киин балыыһатыгар…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дальний Восток – земля приключений» түмүгүн быһа эпииргэ көрдөрүөхтэрэ

Кулун тутар 5 күнүгэр Москва бириэмэтинэн 12.00 ч. "Россия" Национальнай кииҥҥэ "Дальний Восток – земля…

10 часов ago
  • Уопсастыба

4 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олорбут буойун хайдах дьүһүннээҕин көрдөрдүлэр

ХИФУ Археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлигэр ураты эспэнээт баар – хойукку неолит кэмигэр 4 тыһыынча сыл…

11 часов ago