Салгыы
Дьааҥылар быстах байыаннай хомуурга уолаттарын атаардылар

Дьааҥылар быстах байыаннай хомуурга уолаттарын атаардылар

04.10.2022, 11:03
Бөлөххө киир:

Быстах хомуурга барааччылары Дьааҥы оройуонун дьокутааттарын сэбиэтэ толору маллаах үрүсээгинэн хааччыйан атаарда.

Бу сарсыарда, алтынньы 4 күнүгэр, сэттэ киһилээх өссө биир бөлөх айаҥҥа турунна. Барааччыларга байыаннай балаһыанньаҕа сөптөөх маллаах-саллаах үрүсээктэри туттартаатылар. Анал байыаннай эпэрээссийэ зуонатыгар тиийиэх иннинэ кинилэр Уһук Илиҥҥи байыаннай чааска тиийэн байыаннай бэлэмнэниини ааһыахтаахтар. Бу туһунан «Дьааҥы сонуннара» телеграм-ханаал иһитиннэрэр.

Быстах хомуурга хапсан барар сэттэ киһини биир дойдулаахтара, аймахтара уонна оройуон, нэһилиэк дьаһалталара атаардылар. «Кыайыы көтөллөөх эргиллээриҥ» диэн алгыс тылы этэ хааллылар.

Бэлиэтээн суруйдахха, быстах хомуурга барааччыларга анаан оройуоннааҕы дьокутааттар сэбиэттэрэ байыаннай балаһыанньа үрүсээктэрин хомуйан бэлэмнээбит. Дьааҥы оройуонун аҕа баһылыга Владислав Иванов бэлиэтииринэн, хас биирдии барааччыга төрөөбүт дойдуларын буоруттан мөһөөччүккэ кутан биэрэн ыыппыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 58% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: