Салгыы
Дьааҥылар минньийбит сугуну үргээтилэр

Дьааҥылар минньийбит сугуну үргээтилэр

31.10.2022, 18:42
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьааҥы улууһун Дулҕалаах нэһилиэгэр сугуннаабыттарын туһунан сонун өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө. 

Отонньуттартан биирдэстэрэ,   Дулҕалаах олохтооҕо Валентина Ноговицына кэрэхсэбиллээх сонунун үллэһиннэ:

— Быйыл сугун сир аайы хото үүммүтүн истибиппит. Дойдубутугар халаан мэһэйдээн, биһиги сугуннуур да  кыахпыт суоҕа.  Үрэхпит да улахана бэрт буолан, отооннуур сирбитигэр чугаһаппат этэ. Ол эрээри тоҥоруу саҕана дьахталлар отоннуур сир диэки сылдьан баран, «сугун быйыл наһаа да үүммүт, олох түспэккэ турар эбит» диэбиттэрин истэн, баран  көрөргө санаммыппыт. Сугуннуур арыыбытыгар чуо тиийбиппит, дьолго, отон бөҕө эбит. Урут баччаларга сугун ыанан, ууллан бүтэр буолара.  Күһүнэ уһаан, отоммут олох бэйэтинэн турар. Минньигэһин  көрүөҥ этэ! Бөдөҥ отону тэбээн ылан, биирдии иһит сугуну хомуйдубут. Халаан ылбатах, анаан арыылаан хаалларбыт буолан, ыраас отоҥҥо түбэстибит. 

Отоннуур сирбит дьиэбититтэн олох чугас, уу баһар сир диэки баар. Кэлиҥҥи   кэмҥэ күн-дьыл уларыйан,  күһүн өрүү хойуутуур буолан, хоту улуустарга   алтынньыга  кытта сугуннуур буоллубут. Тоҥороотун кытта, хаар түһэрин  кэтэспэккэ отоннуохха наада эбит.

Хаар түспэккэ, Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр быйыл соторутааҥҥа диэри кыһыл отону эмиэ үргээтилэр. Отоҥҥо сылдьыбыт дьон «амтана олох атын буолар эбит, битэмиинэ өссө үгүс буолан, минньигэһэ оһуобай!» дииллэр. Онон күн-дьыл уларыйан, күһүн уһаан, алтынньыга тиийэ сир астыыр буоллубут.

Хаартыска:  социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: