Дьааҥылар мобильнай биригээдэ быраастарыгар махтаннылар
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин Хирургияҕа мобильнай киинин биригээдэтэ Дьааҥы улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар тиийэн үлэлээтэ.
Икки ортопед-травматолог састааптаах биригээдэ уҥуохтарыгар уонна тымырдарыгар улахан кыһалҕалаах түөрт ыарыһаҕы эпэрээссийэлээн быыһаата. Ол эбэтэр бу ыарыһахтар инбэлиит буолар кутталтан босхолоннулар.
Хирургия мобильнай киинин исписэлиистэрэ оройуон хирурдарыгар маастар-кылаастары биэрдилэр. Эпэрээссийэлэр бары анестезиология биригээдэтин уонна Дьааҥы оройуоннааҕы киин балыыһатын мэдиссиинискэй сиэстэрэлэрэ кыттыылаах ситиһиилээхтик оҥоһулуннулар.
Дьааҥы оройуоннааҕы балыыһатын кэлэктиибэ уонна эмтэнээччилэр мобильнай биригээдэ быраастарыгар ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.
Онтон билигин Хирургия мобильнай киинэ Ньурба улууһугар барарга бэлэмнэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: