Дьааҥыттан сылдьар ыраах айан суоппардара чиэстэннилэр

Share

Бүгүн Дьокуускайга Ил Эйгэ сынньалаҥ баазатыгар ыраах айан суоппардарын өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахтара буолла.

Ыраах Дьааҥы суоппардара бу тэрээһиҥҥэ хайдах кыттыбыттарын туһунан Ил Түмэн дьокутаата, «Арктика суоллара» тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сергей Сивцев бу курдук кэпсээтэ:

—  Тэрээһин алтыс сылын ыытыллар. Ыраах айан суоппардарын үлэлэрин тоҕоостоох кэмҥэ бэлиэтээн, кинилэргэ махтал тылын бастыҥын этэн ааһар хайаан да наада. Сүрүннээн ыраах айан суоппардара Арктика улуустарыгар, Саха сирин суола-ииһэ мөлтөх хоту улуустарыгар таһаҕас тиэрдэллэр. Онон Саха сирин ыраах улуустарын олоҕо-дьаһаҕа, кэскиллээх сайдыыта кинилэртэн тутулуктаах.  

Махтал тылын истиҥин этэн туран, суоппардарга Ил Түмэн, кэккэ министиэристибэлэр уонна Дьааҥы улууһун баһылыга Владислав Иванов наҕараадаларын уонна «Арктика суоллара» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Владимир Чусовской аатыттан  Махтал суругу кытта өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардым. «СӨ суол тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ» аат Андрей Прудецкайга, Семён Чириковка уонна Всеволод Слепцовка иҥэрилиннэ. 

Ыһыах чэрчитинэн спортивнай күрэхтэһиилэр  буоллулар. Онно өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан 7 хамаанда хапсаҕайга, мас тардыһыыга, көлүөһэни хомуйууга  уо.д.а. кэрэхсэбиллээх түһүмэхтэргэ кыттыыны ыллылар. Тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

7 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

7 часов ago